Jeada Олук Охсуу
Оло5у тэҥниир кэрчиктэр
Туһунан тугу да билбэттэр
Кинилэр алҕас кэлбиттэр
Кyөх сири туһата суох тэпсэллэр
Оннук кэпсээннэр күннэтэ
Элбииллэр мин испэр
Кыһыйар саныыр санаам хаһытыыр хаһыыта
Хаайтарда бэлэспэр
Тугунан уларытыам этэй маны мин
Өтөрүнэн тупсубат кэммин
Туругур диэм этэ эйэни
Ол эрэн эйэ диэни билбэппит
Тулабыт кыһыы, баламат быһыы
Баайга дуолга талаһыы
Онтон атыны көрбөппүт аны
Көрөрбүт да буоллар эппэппит
Күннээҕини эрэ таптаан
Сылдьабыт бу аан дойдуга
Өйбүтүн сүүйбут хара дьаай
Кэлэр кэмҥэ кини наадыйбат
Киһи киһини киһинэн аахпат
Кыра кыым кутааны сахпат
Өйугэр да баппат
Эгэ эрэл диэн баар буолуо дуо
Ама итэҕэйбэппин ону
Сүрэҕим томмот тиһэҕэр син биир
Үтүө хотор
Оннук буолуо дуу бу олоххо
Хаһан эрэ хараҥа тохтоон
Ким манна кэрэни күүппүтэй
Кэрэҕит былыр уйэ буппутэ
Арай бааллар бүппэт бүтэй
Ыас харана түүннэр
Припев:
Көҥүлү сүрэҕим көрдүүр
Кэрэни эрэли эрэ өйдүүр
Тугунан тыыннаахпытый
Тугунан тыыннаахпытый биһиги
Им балайы сырдата сатаан
Хараҥаны сырдата сатаан
Туманы курдаттыы сатаан
Элбэх былаҕайга былдьаммыта
Олору ким да санаабат эни
Ким да көрбөтүн инникини
Барыларын кытаанахтыы
Эрэй быата күүскэ кэлгийдин
Оннук толкуйдаах уксээбэт ини
Көмүскэ күн сирин
Бутэһик эрэлин мүлчү туппатах киһи
Бүгүн мин санаам инник
Сүбэлиири сэмэлиир
Сэп этиини сиир инникпит биһиги
Киһи диэн оннук уруккаттан
Элбэх уларыйбата ини
Барыта да бэрт кыраттан
Аан дойду умайар уотунан
Биһиги харахпытыгар сырдык сыдьаай
Көстүбэт буолбута
Ол тоҕо? Уонна туохтан ?
Хоруйдар ханна да суохтар
Барыта бэйэбит билиибитигэр
Уонна бэйэбит илиибитигэр баар
Итэҕэй онно
Сүрэҕим тоҥмот тиһэҕэр син биир
Үтүө хотор
Оннук буолуо дуу бу олоххо
Хаһан эрэ хараҥа тохтоон
Ким манна кэрэни күүппүтэй
Кэрэҕит былыр уйэ буппутэ
Арай бааллар бүппэт бүтэй
Ыас харана түүннэр
Припев х 2
Ким эмит үтүөну өйдүө дуо манна
"Сыыспыты тааһынан тамнаа"
Албыннаан, буортулаан
Хара дьай топпот
Утаххын ханнат
Киһини бүтүннүү сиэннин
Кирдээх күтүр оҕото диэннин
Хантан кэлбит ситиэҥҥиний ?
Ким диэҥҥиний ?
"Адьынаттаах гений"
Киэн эҥэрдэринэн эргийэн
Дьон олоҕун аймаан эрэйдээн
Баар эрэ мөкүнү элбэтэн
Сырыттын ини күн сиригэр
Туох да саҥаны аҕалбатым
Мин да иннибинэ баара харана
Барытыгар бэйэҕит буруйдааххыт
Билиммэккит хаһан да
Ону истэн туран өйдөөтүм
Тоҕо көрдүүбүтүй атыны наар
Ып-ыраас хаар
Дьон хаһан да кини курдук буолбатын санатар
Оччоҕо тоҕо күн айыы оҕото соҕотоҕуй бу олоҕор
Кини оонугар күн анныгар
Барыны үтүө гына ким оҥорор
Итэҕэйбэппин онно
Сүрэ5им томмот тиһэҕэр син биир
Үтүө хотор
Оннук буолуо дуу бу олоххо
Хаһан эрэ хараҥа тохтоон
Ким манна кэрэни күүппүтэй
Кэрэҕит былыр уйэ буппутэ
Арай бааллар бүппэт бүтэй
Ыас харана түүннэр
Saas Ustar еще тексты
Перевод Translate.vc
Видео
-
Saas Ustar Олук Охсуу клип 2014
Он лучший и неповторимый айыл5аттан айдарыылаах кини суруйбут тыллара ырыалара барыта дирин ис хоьонноох уонна Уу ...
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1