Мин өйбүттэн эн тахсыбаккын
Харахпыттан симэлийбэккин
Дууһабын хайдах аймаатын
Олуһун да сөҕөбүн
Күнүн аайы, түүнүн аайы
Эйиигиннэн мин олоробун
Сүрэхпиттэн хаһаан да сүппэт
Иэйии диэни биллэҕим
эйиигинэ суох аҥаарбын
киһи дэммэт курдукпун
олохпор маннык күүстээх таптал
кэлиэ диэммин билбэтэҕим
санаабар бу орто дойдуга
ким да маннык таптыы илигэ
буолуо диэммин бэйэбиттэ ыйытабын сөҕөбүн эн миигиттэн тэйиччигин
ахтылҕаммын уматаҥҥын
хаһаан бииргэ олох устун
айанныырым буолуоҕай
эйиигинэ суох аҥаарбын
киһи дэммэт курдукпун
олохпор маннык күүстээх таптал
кэлиэ диэммин билбэтэҕим
инниккигэ эрэнэбин
күнүн аайы бииргэ буолуо диэн
аттыгыттан арахсыбакка
куруук дьоллуу туруоҕум
мин эйиигин дьоллуом диэмимн
улаханнык санарбаппын
ол эрэн бу күүстээх иэйиигэ
итэҕэйэр эбиппин
эйиигинэ суох аҥаарбын
киһи дэммэт курдукпун
олохпор маннык күүстээх таптал
кэлиэ диэммин билбэтэҕим
Aialuw еще тексты
Оценка текста
Как вам текст?
1 out of 5
2 out of 5
3 out of 5
4 out of 5
5 out of 5
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1