Сүрэҕим эн, айарым абылаҥа эн,
Бу киэҥ халлаан
Эн эрэ хараххар көстөрө.
Ол күн этэ биир сааскы киэһэ,
Эйигин тапталым, аналым буоларгын
Сэрэйбэккэ сүтэрбитим.
Хос ырыа:
Саҥа күн эйигинэ суох
Дьоллоох буолбатын сэрэйэбин,
Күөх ыраах халлааны одуулаан
Эйигин саныыбын, ахтабын.
Сүрэҕиэм өссө да уоскулаҥы
Билбэт, билбэт, билбэт...
Билэҕин эн, ол дьикти күһүҥҥү кэм
Эргиллибэтин, төннүбэтин...
Ол эрэн мин, сарсыарда уһуктан, мин
Сырдыкка дайабын, күнтэн мин үөрэбин,
Сүрэҕим ырыатын ыллыыбын.
Хос ырыа.
Aina Efimova еще тексты
Другие названия этого текста
Aina Efimova - New Day (acoustic) (0) Аина Ефимова - Саҥа күн (0) Видео
Аина Ефимова - Сана кун (acoustic) Аина Ефимова - Саҥа күн (бастакы көрүҥэ) * Новый день (Оригинал) * The New Day (Original version) - Duration: 4:23. by Stas ...
Оценка текста
Как вам текст?
1 out of 5
2 out of 5
3 out of 5
4 out of 5
5 out of 5
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 3