Суоллар
1) Мин үйэм улуу хорук тымырдара буолан
Айгысталлар ааран аартыктар
Ол хорук тымыр биир кыһыл таммаҕа буолан
Мин күө-дьаа тахсабын айан суолугар.
Хос ырыата:
Айгыстыыта суох мантан саҕаланаллар эбит
Аан дойду аарыгырар аартыктара
Манна кэлэн сэмэйдик түмүктэнэллэр эбит
Аан дойду суон сурахтаах суоллара.
2) Арыт ытыллыбыт быыра ох буоламмын
Ахсым айаннары айанныыбын
Арыт тумара да муннуктубут курдук
Туора дьон ыырдарыгар мунчаарабын
(хос ырыата)
(3) Оо.. ол эрээри хайаан да өтөхпөр төннөбүн.
Ыырбыт айаннаатыны иҥэрсийэн
Одуулуу түбэлэртэн кэлээт мынаа соҕуйа
Көрөбүн төрөөбүт алааспын.
(хос ырыата)
Anatoly Burnashev еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 3