Анемподист Софронов тыллара
Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр,
Маҥан туллук эрэ далластыыр,
Ыраастыыра эрэ мөлбөрдүүр,
Доҕойумалыыр эрэ доҕоруом!
Ылбаҕайдыыр эрэ чыычааҕыам,
Туллуктуур эрэ доҕоруом,
Туохха баҕас эрэ туора көрөн,
Туоххаһыйар эрэ буоллуҥ дуо!?
Туналыйар эрэ ньуурдааҕыам,
Туттаҕардыыр эрэ бэйэлээҕиэм,
Кыталыктыыр эрэ кыылларга
Кытарахтыы эрэ саныыбын!
Күлүмүрдэс эрэ дьүһүҥҥүн,
Күлүмнээн эрэ көрөргүн
Күннээҕэр эрэ күндүтүк
Көрөбүн эрэ, көмүһүөм!
Томтоҕоркоон эрэ түөстэргин
Толорутук эрэ кутуллубут
Чороонноох эрэ кымыска
Доҕуйабын эрэ, доҕоруом!
Сайаҕастай эрэ санааҕын
Санаабынан эрэ салгытар
Санаакайым эрэ суохуйа,
Саргылаах эрэ саһарҕаам!
BreakOut еще тексты
Другие названия этого текста
- Марина Попова - Урун Туллук Эрэ Мелбестуур (1)
- Марина Попова - Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр (0)
- Марина Попова - Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр (0)
- BreakOut - Үрүҥ туллук (0)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1