бу дойдуга таптал суох диэн кэпсээччи элбэхтэр
буолары буолбаты оҕо эрдэхтэн кэпсииллэр
мин олохпор оҕо сааһым дьиктитик барбыта
сүрэхпэр нарын намчы кыыс таарыйан ааспыта
өйдөөбөттүү туттар этим бастаан бэйэм испэр
дьиктитик охсоро олус күүскэтик сүрэхпэр
кинини кытары сылдьыахпын баҕарааччыбын
тоҕо диэтэр аттыгар чахчы астынааччыбын
сыл хонук устар тапталым күүһүрэн иһэрэ
улаатаммын таптал хайдаҕын сүрэх таайара
оскуола кэмнэрэ кэрэ түгэннэр этилэр
кинини көрөөрү дьоллонон барааччыбын күммэр
кыратык сыыстарбыт буолан түүнүн дьэ кэмсинэрим
миэнэ буолуо диэбиттии күннэтэ киэбирэрим
сатамматах таптал диэн маны этэллэр эбит
муммут кус оҕотун кэриэтэ сүппүппүн кэбис
припев
ким да билбэтэ буолуо эйиигин күннэтэ күүтэрбин
олохпун бүтүннүү эйиэхэ эрэ аныырбын
күн дьыл устара түргэтиир суохтуур ахтар күннэрбэр
бэлэхтиэм эйиэхэ бу ырыабын кэрэ сэгэрбэр
куплет 2
олус хомойорум санаабын кыайан эппэппэр
халтай тыллар эрэ барааччылар кэпсэтэрбэр
хайдах санаан ахтарбын сатаан кэпсээбэтэҕим
ис сүрэхтэн дууһабын арыйаммын биэрбэтэҕим
билигин даҕаны таптыыбын сүрэхпэр кини эрэ
төбөбөр баар кини хайдах минньигэстик күлэрэ
күүлэйдиир күммүтүн саныырбар дууһа уоскуйар
сөрүүн илиитин ириэрэрбин ахтан долгуйар
кэмсинэбин олохпор кэлбити үөрэн ылыммаппар
буруйуҥ суох сэгэр миигин кыайан таптаабаккар
эн өрүү сүрэхпэр кэрэ кыыһынан хаалаҕын
тылбар турарбынан эн мин аналым буолаҕын
этистэрбит үөрэн көтүөх уруккуну умнуох
кыыһырдаргын дьоллоох буолуох үөрүүннэн толоруох
наһаа дириҥник ылыныма сыыһа тылларбын
күүскэ таптыыр киһи сыыһар буолар алҕастарбын
Dimkas еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1