Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Dimkas - Иккиэн буолан айанныахха | Текст песни

эн билбэтин буолуо ким энигин саныырын,
таайа санаабатын буолуо
ким энигин ахтарын,
билбэтэҕим мин маннык түмүккэ кэлэрбин,
сэрэйбэтэ5им аны хайдах түбүккэ тиийдэрбин,
тууннэри куннэри ейбуттэн эн тахсыбаккын,
ол кэрэ кэмнэри олуьун да ахтарбын,
сиэтиспитти суол устун хамсарбытын,
ахтабын да иэдэстэргиттэн оргууй ууран ыларбын,

сэрэйбэт да этим маннык буолуохтааҕа диэбэтим,
ахта саныы сытан кыбыстан тылбын эппэтэҕим,
ыараханын маннык кэрэ кыыска тыллары ыытар,
нарын намчы хоһооннору булан холоон ырытар,
көрүүй үөһээ халлааҥҥа тыгар элбэх сулустары,
оргууй туран миигин илии илиигиттэн куустарыый,
түүлбэр буолааччыккын миэнэ эрэ ардыгар эрэ,
аналын була сатыыр уолга сүрэххинэн эрэн.

Припев
Улаатымыахха кыра оҕолуу сиэттиһэн сылдьыахха
Ахтар эбиппин ол кэмнэри саҥаттан салҕыахха
Олохпут уһун суолун иккиэн буолан өрүү айанныахха
Ыллыкпыт аартыгынан бииргэ буолан дабайыахха

2 куплет
сылаас тыллары ыыталаан төннөрүөм дуу ол күннэри,
кэрэ да түгэннэри умнуллубат дьол түүннэри,
эн илиигин мин илиим аны сиэтэн ылыаҕа да,
урукку сылаас эйгэни санатан кэм эргитэн,
сипсийэр ис санаам миэхэ кинини эрэ тал диэн,
атын кыргыттарга барыма кини анала эн,
истэбин тоҕо диэтэр сүрэхпинэн эмиэ таптыыбын,
буолуохтаах түгэннэри санаан дууһа ытатабын,

күн аайы киэһээ тобук туран айыыттан көрдөһүөм,
аналым кэлиий миэхэ көннөр сыыһабын диэн этиэм,
өйдүөҕэ баҕар саныыр санаам эйиэхэ тиийиэҕэ,
бырастыылаһарбын истэҥҥин миэхэ төннөн кэлиэҥ,
буолар олоххо араас ону мин билэн эрэбин,
кэлэр инникигэ кэскили күүтэргэ бэлэммин,
эйиигин көрбүппүттэн халлаан анныгар үөрэбин,
ол быыһыгар сипсийэн дьоллоох киһибин дэнэбин.


Dimkas еще тексты


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-