Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Dimkas - Сыллар устун таптыам | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

итэҕэйбэккин, санааларбын этиэхпин кыбыстабын
таайбаккын арааскыта, хайдахтаах күүскэ таптыырбын
өйдүүбүн эйиигинниин буолбут кэрэ да кэмнэрбин
туохха да атастаспат буолбут бэлиэ түгэннэрбин

хаһан даҕаны тэйиэм суоҕа аттыгар баар буолуом
күндү көмүс киһибин хал буолбакка таптыы туруом
таптыам бастакы, үһүс, онус, сылларым тухары
олохпут устун тэҥҥэ сылдьан бииргэ буолуоххарыый

баара суоҕа миэхэ наада аттыбар эрэ буолууҥ
эн төннөрүҥ туһугар барытыгар бэлэм буолуом
күлэ үөрэ көрсүһэн араас арааһы кэпсэтэн
атаарыа этим күммүн эйиигинниин үллэстиһэн

най барбыт тапталбын биирдэ баар буолан уһугуннар
ситтэрбэт санаабын ахтабын диэҥҥин умулуннар
хоһуйар хоһооммор баар баҕа санааларбын толор
эппэтэх тылларбын утары туран аргыый истээр

припев
олорон саныыбын, ааспыты эргитэммин
өрүү хомойобун, төннүбэтин сэрэйэн
күн дьыл аастаҕын аайы,ахтарым олус элбиир
сыл хонук устан ыарахаттары бэлэмниир

куплет 2
билигин кэлэн кэмсинэбин буруйбун билинэн
сыаналаабакка тапталбын куоттараммын кэлэйэн
хаһан даҕаны сүрэх ытыырын билэ иликпин
эн кэрэ кыыс таарыйдыҥ уйаҥ даҕаны эбиппин

биллэрэ илик этим хайдах таптыырбын сэрэтэн
сулустаах халлааҥҥа күлэйдэппэтэхпин көбүтэн
түүннэри күүлэйдиэхпин баҕарабын эйиигинниин
күн тахсарын көрсүөхпүн бииргэ буолбаккын билэбин

ханна даҕаны сырыттарбын ахта санааччыбын
муннукка олорон урукку кэми суохтааччыбын
эн биһики элбэх даҕаны үөрүүлээх кэмнээхпит
билигин ол түгэни санаан даҕаны күлбэппит
таптал аттыгытыгар баарына мэлдь харыстааҥ
күн аайы үөрдэн ис сүрэхтэн ылынаҥҥыт таптааҥ
сыһыаны биир сыыһаттан сүтэрбэт курдук сыаналааҥ
олоххут тухары дьолунан толору абылааҥ

Другие названия этого текста
  • Dimkas - Сыллар устун таптыам (1)
  • Dimkas ft. Виктор Максимов - Сыллар устун таптыам (при уч. Кэскил) (1)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-