Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

FIESTA & ӨРКӨН - Айылҕа Бэлэҕэ (Produced by Mental Pabulum) | Текст песни

1.Саһан сойбут санааны,сылытан саҥаттаан
Туохтан саҕалаан,хайдах гынан
Ханнык тылларынан,бэйэбин тиэрдэрбин
Билбэт эбиппин,билинэбин билэбин
Сурэхпин ол эрэн сэгэтэҥҥин киирдэргин(Сэгэр)
Эн барытын,билиэҥ этэ бэйэҥ
Ол эрэн,онто да суох,хос хоһооно суох
Соҕотох бэйэм,эн дьүһүҥҥүн бу туойарга бэлэм
Сэрэнэн...эрэнэн ол эрэн...
Эн эрэ эн,үнкүүгэр үҥэн
Сүгүрүйэн,ааһарбын көҥүллээ
Элбэҕи этимэ,көрдөһөбүн күнүүлэтимэ
Үҥкүүлээ...нарын үрүҥ кубаны
Дьоҥҥо сэргэҕэ,иэйиини бэлэхтээ
Элбэхтэ,мэлдьи мичээрдээ
Бүгүҥҥү сылааҕын,таһаараҥҥын чэпчээ

2.Көрүҥ-маннык астык үҥкүүтүн
Үрүҥ Куба кыыс,мааны хатыҥ көстүүтүн
Сөҕүҥ,тыалга тэлээрэр сэбирдэхтэр-Илиилэрэ
Сибэкки угун кэриэтэлэр-Синньигэс биильэрэ
Билгэлээн,биллибэт ким билэрэ
Ойууланар эбит олоххо,Олоҥхо бэлиэлэрэ
Тилэхтэрэ ситэ тирэммэттэр сиргэ
Суһуохтара тула,оһуохай этэллэр бэйэлэрэ
Иҥнэлэр,аара ааһан иһэр аанньаллар
Кэтииллэр,сэниэ иҥэрэн тохтуу түһэр кэмигэр
Мичээригэр,атаахтыыр бэль түүн аламай күн
Умнуоҥ өйгүн,үнкүүтүн көрдөргүн
Олох сүүрүгүн,салайар сатабыла
"Абылаа,аптаа"-көрдөһөллөр былыттар
Ытыыллар,ардах таммаҕын атаҕын анныгар ыһаллар
Күнүүлээннэр,тыынар дьоҥҥо ымсыыраллар

Үҥэллэр...үөһээттэн үтүктэннэр
Кинилиин бу тэтимниин тэҥҥэ үҥкүүлүүллэр

Хос ырыата:

Үҥкүү эйгэтэ,өрө тутар киһитэ
Олох кэһиитэ,тэбэр сүрэх сүмэтэ
Кэрэ бэйэтэ-һэмэй кыыс бэлиэтэ
Ийэ Айылҕа,күндүлээбит бэлэҕэ

Түмүк:

Хоһуйбутум хомоҕой хоһооннорбун,
Судургутук элбэхтэ суруйбутум,
Ойуулуохпун аны кэлэн уустугун,
Ыллыыр бэйэм кыбыстар буолбуппун...

FIESTA & ӨРКӨН еще тексты


Видео
Нет видео
-
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1