1. Ханна хаhан да буолларбын, тугу да гыннарбын
Тоҕо өрүүтүн мэлдьи наар эн биhи иккини саныыбын?
Холку эппиэт тоҕо диэтэр таптыыбын,
Өйбүттэн таhааран, умнан быраҕан да
Санаабат буола сатыыбын харахтарбын симэбин мин.
Эн сырдык мичээриҥ кэрэ мөссүөнүҥ
Ыраас харахтарыҥ илэ бэйэлэринэн субу көстөн кэлэллэр,
Кулгаахпар чугдаарар эн чуор куолаhыҥ,
Сылдьыбыппыт балачча да ыраатта,
Ол эрэн арааската, ол барыта ааста.
Мин сүрэҕим кыланна эмискэ ытаата,
Соhуччу ол сураҕа суох сүппүт күндү күннэри
Кэннибэр хаалбыт кэрэ кэмнэри.
Ол иhин диэн сайыста, түргэнник да биллибэккэ ааhар эбит.
Сөбүлэhэн, өйөhөн, өйдөhөн, убаhан, убаастаhан, таптаhан
Эн уонна мин, дьоллоохтук да сылдьарбыт,
Эн нап-нарын илиигиттэн сэрэнэн намчы, наҕыллык сиэтэн
Өрүс биэрэгин урдунэн соргулаахтык хаамсарбыт,
Истиҥ иэйиигэ ылларан, оргууй аҕай куустуhан уоспутуттан уураhарбыт,
Ыйдаҥа түүн сулустары одуулаhарбыт
Умнубаппын ол күннэри хаhан да мин,
Олохпор онон-манан кыргыттар син бааллар этэ,
Ол да буоллар, өр буолбатаҕым,
Таптаабатаҕым кинилэри эйиигин курдук күүскэ.
П-в Эн эрэ миэхэ кэрэҕин,
Тапталым кыыма буолаҕын,
Нарын сырдык мичээргинэн,
Мин сүрэхпин долгутаҕын.
Ол эрэн аахайбаккын эн,
Миигиттэн тэйэ сылдьаҕын,
Мин дууhабын ытатаҕын,
Хараҕым уутун тоҕоҕун.
2. Умулуннулар дуо доҕоруом ама ол сылаас күннэр,
Күнтэн күн тапталбыт уостан,
Сыhыаныҥ эйиэнэ миэхэ уларыйан иhэр,
Хас да күннээх күүстээх ахтылҕан кэннэ
Эйиигин эрэ көрөөрү-көрсөөрү тиийэбин,
Миигиттэн сылайбыт курдук туттаҥҥын көрсөҕүн,
Дьиэҕэр киирэ охсооругун олуhун да ыксыыгын
Кыйдыыгын миигин ыраах уоттаах ох тылгынан дууhабын сиэтэн
Сүрэхпин курдат анньан оспот баас хааллараҕын,
Оонньуу, күлүү-элэк курдук аhардаҕын
Харахтаргын көрөбүн, таптаабаккын таайабын
Таптыыбын миигин диэмэ, кырдьыгы этиий.
Хомотума ду, сэгэриэм оччугуй сүрэхпин,
Дууhабын туймаамарыый, кэлэтимэриий, көрдөhөбүн.
Мин көрдөhүүм, билэбин эйиэхэ оруолу оонньооботун,
Күн аайы булабын эрэйи көрөбүн мин саҥаттан-саҥа сору
Олуhун муҥнанабын, салҕыы хайдах буолабын этиий,
Ааттаhабын, салҕыы маннык олоҕу олорор кыах арааhа суох.
3. Тэҥнээн көрөбүн, уруккуну-билиҥҥини,
Ол сайыҥҥы сылаас түүннэри
Эргитэн аҕалан тэҥниэхпин кыаҕым тиийбэт,
Киhилии утуйбатаҕым олуhун да ыраатта.
Хараҕым уута туолан иэдэhим устун сүүрэр,
Эн кэлэппит тылларыҥ куппар-сүппэр иҥэн,
Түүннэри ытаталлар, чуҥкуйбут мин соҕотохсуйбут дууhабын.
Көрөбүн санаан, харахпын симэммин
Тапталым эйиэхэ, ырыабын аныыбын.
4. Ол саҕана кимнээҕэр да туохтан да,
Дьоллоохтук сананар этим мин,
Баҕа санааларым барыта туолла дии саныырым,
Хомойуох иhин, арааhа билигин кэлэн өйдөөтөххө,
Улаханнык сыыспыппын доҕордуу хаалбакка,
Оччоҕо буолуом этэ, мэлдьи, эн аттыгар, арахсыбакка.
Fiesta feat. Дьулустан Чуручанов еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 4