Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Fiesta & Smile - Кини | Текст песни

"Кини"
1)
Хайдах быhааран биэриэхпин билбэппин
Хоhуйуохпун бэл тыл эчи тиийбэтин,
Дьыала барыта хамсаныытыгар сытар
Ойуулуохпун тылым өҕүллүбэт саатар.
Биир өйдөбүл: туох эрэ атыннаах
Айбыт таҥара ону билэр кыахтаах,
Этиэххэ сөп айылҕа кистэлэҥэ
Бары өттүнэн барытынан кэрэ.
Туттара-хаптара кини хара харахтара
Хас биир оҥорор хардыыта
Мичээрдээн ылыыта
Онон тугу да саарбахтыы
Толкуйдуу да барбакка
Бу кыыска чугаhыахтаахпын
Билэбин миэхэ кини наадатын.

Припев:
Кини тугунан да маарыннаабат атыттарга
Хайдах да хатыламмат соҕотох бу дойдуга
Кини ураты букатын
Билэммин этэбин атынын
Ол иhин кинини таптыыбын
Бу ырыам тылларын аныыбын
Тутула суоххун эн туохтан да
Бас билбэт эйиигин ким даҕаны
Баҕа санаам барыта эн буолаҕын
Хатылыам хаста да эн эрэ
Эн буолаҕын.

2)
Билэбин киниэхэ туох эрэ баарын
Барыларын баhыйарын баhылыырын,
Наадыйбат эр киhи көмөтүн
Кинини киэҥ тутта көрөбүн.
Сөҕөбүн тугу барытын кыайарын
Баҕарбытын оҥорор кыахтааҕын,
Ол курдук бу кыыс туhунан
Билигин ыллардым барытынан.
Саха сирин кэрэ көстүүтэ
Айылҕам саас уhуктан тупсубут дьүhүнэ
Элбэх уол эйигиттэн өйө суох барар
Тигистим мин эмиэ олор быыстарыгар
Хайа да кыыс холобур оҥостор эйиигин
Барытын эн бэйэҥ бу сиргэ ситистиҥ
Эн уордуҥ мин сүрэхпин
Сүрэхпин уордуҥ
Тапталым тыыннаах иччитэ
Эн буоллуҥ.

(с) "LL"

Fiesta & Smile еще тексты


Видео
  • KIIN 2009 Smile feat. Fiesta - Кини (LIVE KiiN-Хит ... KIIN 2009 Smile feat. Fiesta - Кини (LIVE KiiN-Хит ...
    KIIN 2009 Smile feat. Fiesta - Кини (LIVE KiiN-Хит)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2