Төрөөбүт дойдубун Сахам Сирин таптыыбын мин
Самаан сайын уот кураан буолар куйааһын
Оннооҕор тоҕус ыйдаах тыйыс тымныы кыһынын
Өрүүтүн мин сүрэхпэр эйиигин илдьэ сылдьабын
Ыраатабын дойдубуттан ахтар санаа уоскуйбат
Сотору төннүөм эрэлим миэнэ уостубат
Күнтэн күн Сахам Сирэ үөһэ эн дабай
Барытын кыайар кыахтааххын иһит саха урааҥхай
Баай үтүө саннаалаах эдэр ыччат кытаат
Сахабыт Сирэ сайдарыгар ол баар кылаат
Хас биирдии киһи дойдутун таптыыр
Кини туһугар барытын кыайа сатыыр
Хайа да хайысханы батыс эн дойдуҥ биир
Төһө да тэйбит буол эн дойдуҥ баар
Наар ахтабын мин Сахам Сирин
Эн истиий доҕор дойдун туһугар бэрин!
О-о Ийэ дойдум Өлүөнэ өрүһүм
Хаххалыам хара дьай санааттан өрүүтүн
Өрүү сүрэхпин сылытар сылаас уотунан
Ханна да буолларбын киэн туттуом дойдубунан!!!
-=-=-=-=-=-=-=-=-=-
О-о Ийэ дойдум Бүлүү өрүһүм
Хаххалыам хара дьай санааттан өрүүтүн
Өрүү сүрэхпин сылытар сылаас уотунан
Ханна да буолларбын киэн туттуом дойдубунан!!!
Fread1 еще тексты
Другие названия этого текста
- Fread1 - Саха Сирэ (РФ: Якутия) (0)
- Fread1 - Саха Сирэ (0)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1