Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Jeada - Атаарабын (минус) | Текст песни

Jeada - Aтаарабын

Эйигин атаарабын, тапталбын атаарабын
Араарабын сүрэхпиттэн кэнники санаарыбын
Баарбын,куруутун,эн бааргын,баҕарабын
Аһары,айдаарар санааны самнарабын
Таабырыны арыйаары элбэх түүн утуйбатым
Айбытым эйиэхэ анааммын мин ырыабын
Элбэҕи этиэхпин тыл сүрдээх тиийбэт
Эйиигинэ суох олох ончу итийбэт
Күн сылааһа барыста эйиигин кытары
Кыыс элбэх эрээри билбэппин атыттары
Эн эрэ мин сүрэҕим аргыһа
Өскөтүн тэйиччи сылдьаҕын умнума
Кубулуйума атын кыыска
Эйигинэ суох, арааһа, мин олоҕум эмиэ суох
Ордорумуох ордук санааны эн биһи
Кэтэһиий мин буолар ситиһиим.

Хос ырыа:
Мин бүгүн тапталбын атаарабын
Хааллар эрэ эн биир эрэ таабырын
Аһара кэтэһэ хаалабын аналбын
Мин бүгүн атаарабын тапталбын

2 куплет:
Төһө да ыраах ыра санаам салайдын
Эн мөссүөҥҥүн мин төбөбөр хаайдым
Кэтэһэ хаалабын дойдубар эйиигин
Санаам астыммат миигиттэн тэйиигин
Эрэйдиигин сүрэхпин этиий тоҕотун
Кэтэһэ хаалабын эмиэ соҕотоҕун
Эбэтэр ордороҕун ыраах дойдуну
Сылыта сатыыбын этиллибит да сойбуту
Төһө до ол онно биэрэллэр vрдvк чыпчаалы
Кэнники бириэмэҕэ дойдуну ахтар аччаата
Аһары эн санааҕын салайар дии санаама
Ити быһаарыыны ыларга ыксаама
Сааныма саха уолугар уратыны
Көрдөһөбүн этимэ утарыны
Сааныма саха уолугар уратыны
Көрдөһөбүн этимэ уратыны


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-