Эн күүтэҕин сайыны олус диэн
Олоҕум кэккэтэ диигин эрээри билбэтим
Мин эрэлим мин сүрэҕим эрэ киэнэ
Көрө иликпин сымыйата суох диэни
Күн киирдэҕэ түүн түмүктэммэт
Сырдыгы күүппэт хараҥа үктэммит
Күлүк дьону үтүктэммит күлсэбит
Ол эрэн бу олоххо барыта быстах эбит
Эн эмиэ өйдүөҥ барыта бүтэн эрэрин
Эн эмиэ баҕарыаҥ эрэлиҥ эргиллэрин
Кэлбэттии барыма кэмсиниэҥ дии
Ол эрэн биир суол баар ону истиий
Күн курдук көстөр тапталыҥ
Бу биир тылы бил амтанын
Ап тылы туттан, тускар туhаан эн кинилиин
Ол кыах эйиэхэ бэриллэр бүтэhигин
Эн күүтэҕин сайыны күүтэҕин
Сырдыгы кэрэни аҕалыа буолуо диэн
Ол эрэн бу олохпут кырдьыгар
Эрэл суох курдуга сүрэҕи ытатар
Буллуҥ тапталы аныгыскы хардыы
Бу дойдуга наар ардыыр, хаардыыр
Ким олоҕу таптыыр, кинини таптыыр олох
Ким хоҥ саныыр ол наар соҕотох
Сырдыкка талаhар үтүөтүн алтыhар
Хараҥаны харбыыр бэйэ мутугу быhар
Эн эмиэ ардыгар астыга суохтук
Туттаҕын-хаптаҕын, биитэр ол суох ду
Итэҕэлинэн инникигин эн ситиhиэҥ
Онтон атыҥҥа атыны киллэриэҥ
Күн сиринэн кэрийэн элбэҕи билиэҥ
Кэм кэллэҕэ тиhэх айаҥҥар тэриниэҥ
Онтон билигин эн кэскилгин кэспэккин
Кыайан итэҕэскин
Өссө да баар тугу гынарыҥ, тыынарыҥ
Өссө да баар күлэриҥ, ытыырыҥ
Баар сырдык бу дойдуга диэ
Кэрэ кэм кэлбитин эн эмиэ истиэҥ
Кэтэспитиҥ өр кэрэни көрдөр
Итэҕэс итэҕэлбин миэхэ төннөр
Ол эрэн билигин атын олох оргуйар тулабар
Киhи баҕарара барыта баар
Наар эн күүтэҕин сайыны кини кэлиэ диэн
Эн эрэлгин кытары эргиллиэ
Баар сырдык бу дойдуга диэ
Кэрэ кэм кэлбитин эн эмиэ истиэҥ
Кэтэспитиҥ өр кэрэни көрдөр
Итэҕэс итэҕэлбин миэхэ төннөр
Ол эрэн билигин атын олох оргуйар тулабар
Киhи баҕарара барыта баар
Наар эн күүтэҕин сайыны кини кэлиэ диэн
Эн эрэлгин кытары эргиллиэ
Jeada и Күннэй еще тексты
Другие названия этого текста
- Jeada & Күннэй - Эрэл (0)
- Jeada и Күннэй - Эрэл [Якутия] (0)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1