Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын,
Тайаабын, ыраас кэскил куутэр дуо
Саханы? Ол да5аны билигин саарбахтыыбын,
Ол иhин сабабын мин харахтарбын...
Мин Сахабын - ол сурун. Бутун улуус
Дьин сахалыы олох суолун устун тутус!
Ийэ буор кут быыл туманна сутэрдэ
Айыл5аттан бэриллибит кутун-сургэтин...
Саха Сирэ Сахаларга анаммыта буолла5а!..
Ол эрээри норуот ба5а санаата туолбата...
Туох иhин мэнээх Сахалар аччаатыбыт?
Тарбахпынан кордоробун: быйыл биhи баччабыт...
Сахалар бары биир буоламмыт улаатан
Баhылаан ылыа5ын Улуу Омук аатын!
Мэлдьи атын дьонно илии-атах буола сылдьаммыт
Эстии коно суолугар былдьанныбыт...
Турунабыт сана сыалга - бутэрбэккэ умнабыт.
Дойду туппат буолан сууhунэн баранабыт...
Ол эрээри ханна да мин киэн туттабын
Хайа ба5ар ыйытыыга мин хоруйдуубун:
Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын,
Тайаабын, ыраас кэскил куутэр дуо
Саханы? Ол да5аны билигин саарбахтыыбын,
Ол иhин сабабын мин харахтарбын...
Тулабын корунэбин - туох иhин кыбыстабыт?
Аламай сырдык куннэ ууналлар ытыстарбыт.
Орустэр, хонуулар - бу биhиги баайбыт!
Киэн, ыраас, сырдык тапталлаах кыраайбыт!
Таайбыт курдук бары тиэр хайыhа короллор,
Ол иhин да5аны биhини бары со5оллор...
Субу-субу костоллор олоруулэр-сутуулэр...
Бэйэбит да а5ыйахпыт, ону биhи аахайбаппыт.
Мин Сахабын, атыммын билэбин
Кыра-хара норуот хайдах курдук олорорун.
Сотору кун тахсыа, халлаанна ойон туруо!
Ол эрээри уруккубут сал5анан бара туруо...
Туох бары тиллиэ, силигилиэ, уунэ-чэлгийиэ
Арай Саха эрэ бэйэ-бэйэтин кэлгийиэ...
Тиийиэ дуо мин тулуурум, коруом дуо мин
Сахам Сирин сайдыытын, уоhээ оро дайыытын?..
Jeada еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2