Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын.
Таайабын, ыраас кэскил күүтэр дуо
Саханы? Ол даҕаны билигин саарбахтыыбын,
Ол иһин сабабын мин харахтарбын...
Мин Сахабын билэбин. Бүтүн улуус
Дьиҥ сахалыын олох суолун устун тутус!
Ийэ буорбут быыл тумаҥҥа сүтэрдэ
Айылҕаттан бэриллибит кутун-сүргэтин...
Саха Сирэ Сахаларга анаммыта буоллаҕа!..
Ол эрээри норуот баҕа санаата туолбата...
Туох иһин мэнээх Сахалар аччаатыбыт?
Тарбахпынан көрдөрөбүн: быйыл биһиги баччабыт...
Сахалар бары биир буоламмыт улаатан
Баһылаан ылыаҕыҥ Улуу Омук аатын!
Мэлдьи атын дьоҥҥо илии-атах буола сылдьаммыт
Эстии көнө суолугар былдьанныбыт...
Турунабыт саҥа сыалга - бутэрбэккэ умнабыт.
Дойду туппат буолан сүүһүнэн баранабыт...
Ол эрээри ханна да мин киэн туттабын
Хайа баҕар ыйытыыга мин хоруйдуубун:
Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын.
Таайабын, ыраас кэскил күүтэр дуо
Саханы? Ол даҕаны билигин саарбахтыыбын,
Ол иһин сабабын мин харахтарбын...
Тулабын көрүнэбин - туох иһин кыбыстабыт?
Аламай сырдык күҥҥэ ууналлар ытыстарбыт.
Өрүстэр, хонуулар - бу биһиги баайбыт!
Киэҥ, ыраас, сырдык тапталлаах кыраайбыт!
Таайбыт курдук бары тиэр хайыһа көрөллөр,
Ол иһин даҕаны биһини бары сөҕөллөр...
Субу-субу көстөллөр өлөрүүлэр-сүтүүлэр...
Бэйэбит да аҕыйахпыт, ону биһиги аахайбаппыт.
Мин Сахабын, атыммын, билэбин
Кыра-хара норуот хайдах курдук олорорун.
Сотору күн тахсыа, халлааҥҥа ойон туруо!
Ол эрээри уруккубут салҕанан бара туруо...
Туох бары тиллиэ, силигилиэ үүнэ-чэлгийэ
Арай Саха эрэ бэйэ-бэйэтин кэлгийиэ...
Тиийиэ дуо мин тулуурум, көрүөм дуо мин
Сахам Сирин сайдыытын, үөһээ өрө дайыытыын?..
Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын,
Таайабын, ыраас кэскил күүтэр дуо
Саханы? Ол даҕаны билигин саарбахтыыбын,
Ол иhин сабабын мин харахтарбын...
JEADA еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1