Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Jeada - Таптал | Текст песни

Билэбин эн миигин
кытары өрүү бааргын
Аны мин эйиигин
тэйиппэппин атаарбаппын
Сүрэхпэр илдьэ сылдьыам кыымы
Харыстаа миигин
мин эйиигин таптыыбын

Билэбин тыл этилиннэ
да ол эрэн
Сэгэрбэр этэбин
тапталбын сэрэнэн
Барыта эн тускар
үрүҥ күн, сулустар
Тулам тубуста
тэйдим курустан
Ол сылаас саастан
көмүс күһүҥҥэ диэри
Кэлбитим күндү киһибэр
дьиктини кэпсээри
Үөрдэ сырыттарбын
астыныам этэ
Аттыбар суоҕун диэмэ
оннук кэм этэ
Кэмсинимэ аны
мантан ыла сибэккибит
Кэрэтик тыллар
эн биһикки иккиэбит

Бу дойдуга кэлбитим
Эйиигин таптаары
Эйиигин булаары

Киэркэй мин тулам
барыта сүрэхпэр
Сылааһынан туолар
кэскиллэ бэлэхтээ
Олоҕум миэнэ
устар уу, уһун суол
Ол суол тухары
эн эрэ аттыбар буол
Араас күүтэр
ол көстүбэт аартыкка
Эн өйөбүл буол
атыны санаабакка
Олохпут биһиэнэ
оҥкула суох буоллун
Саныыр санаабыт
сырдык сардаҥа суола

Эн уонна мин
бу сиргэ иккиэн
Урут өйдөөбүтүм
эн мин аналым эбиккин
Олоҕу тупсарар
сэмэй дьол кыыма
Мин сүрэҕим
эн тапталгынан тыынар

Бу дойдуга кэлбитим
Эйиигин булаары
Эйиигин таптаары

Мин бу дойдуга кэлбитим
Эйиигин булаары
Эйиигин таптаары

Мин хомойор
хоргутар түгэннэрбэр
Эн эрэ тапталын
өйөбүл буолар доҕоруом
Эн сонньуйар
санаарҕыыр кэмнэргэр
Аттыгар сэгэриэм
мин өрүүтүн баар буолуом

Мин эйиигин кытары
доҕоруом өрүү баарбын
Күһүн көмүс сэбирдэхпин
кыһын кыраһа хаарбын
Санаабар эн баарын
Урукку олохпор
Эн күн курдук күлүмүрдүүгүн
Мин эйиигинэ суох
бу сиргэ олоруом этэ дуо?
Кими эмитэ таптыам этэ дуо?
Мин ими эмитэ таптыам этэ дуо?

Мин хомойор
хоргутар түгэннэрбэр
Эн эрэ тапталын
өйөбүл буолар доҕоруом
Эн сонньуйар
санаарҕыыр кэмнэргэр
Аттыгар сэгэриэм
мин өрүүтүн баар буолуом

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 4
Видео
  • "Джида" в Москве 2014. Jeada (Якутия) "Джида" в Москве 2014. Jeada (Якутия)
    Москва, 1 мая 2014г. Jeada / Alagui / МС Белек. ... "Джида" в Москве 2014. Jeada (Якутия). Zhargal ...
  • Jeada! Jeada!
    Jeada - Мин Сахабын - Караоке(с русским подстрочником) - Duration: 4:10. by ExUmira2 53,424 ... "Till Our Hearts Beat ...
  • Jeada - дурак Jeada - дурак
    выступление Jeada на благотворительном концерте в спорткомплексе " Дохсун" 30 ноября.
  • Атаарабын Атаарабын
    KIIN 2009 Jeada - Tap-tal (LIVE KiiN-Хит) - Duration: 3:44. by ... Saas Ustar - Sitim (Jeada) Саас ...
  • Jeada - Билбэт дойдум (Видеоурок) Jeada - Билбэт дойдум (Видеоурок)
    Jeada - Билбэт дойдум (Видеоурок) .... Saas Ustar - Sitim (Jeada) Саас устар - Ситим (саха рэп, якутский рэп ...
  • Конфликты якутских рэперов(L One - Jeada) Конфликты якутских рэперов(L One - Jeada)
    Конфликты якутских рэперов(L One - Jeada). Consolidation Rap. Subscribe SubscribedUnsubscribe ...