Мин бары курдук олоруохпун баҕарабын
Бары курдук кыһалҕа суоҕун баҕарабын
Ол эрэн тоҕо эрэ суолум миэнэ атын
Барыта таабырын...
Ардыгар сытан эрэ кэтэһэрэ саха уола
Баҕа санаам баҕар туолуо суох буолуо аны куһаҕан саҥа
Ким да мэнээх туруо суоҕа
Сатаныаҕа саха уола кэминэн олоруоҕа
Ол эрээри сүтэрээри булбутум дуо
Өйдөөн миигин - бэйэм өйдөөтүм сибилигин
Тугу ирдиигит?! Кыаҕым баарына сатыыбын
Сахабын да диибин, нууччаҕа уунабын мин илиибин
Кэтэһэбин кэлиэ мин кэмим ырыам ыллыа
Тыллыа хаһан эмит хагдарыйбыт сибэкки.
Ону маныыра - көһүтээрэ, хайыыра буоллар,
Ардыгар сытан эрэ кэтэһэрэ саха уола...
Мин бары курдук баҕарабын олоҕу олоруохпун
Хомойуохпун суолта суох, үөрэргэ өссө эрдэ
Эдэр санааҕа ылларан кимэн иһэбин иннин диэки
Билиэргэ диэри билбэтим бэйэбэр мин эрэли
Элбэх төгүл истибитим бэйэм туспунан мин арааһы
Киртитэр ырааһы, куһаҕан санаа арааһа
Наһаа түһүү, умса эмиэ туспа тахсыы
Аһара чугас буолуу, эмиэ бэрилэ арахсыы
Ону маныыра, көһүтэрэ, хайыыра буоллар?
Ардыгар сытан эрэ кэтэһэрэ саха уола...
Jeada еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1