Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Jeada - Эн эрэ баар буол | Текст песни

Түннүк нөҥүө самыыр
Түүннэри кыыс ытыыр
Күлүк санааны үүрэ сатыыр
Саатар сарсын саҥа сиргэ көттүн
Онтон тымныы суол суох төптөрү
Ытаама хараҕын уутунан куотума
Хараҥаҕа суолгун сырдатыам уотунан
Сүрэҕин сүмэтиттэн миигин сүтэримэ
Эн дуу?
Эн таскар күн дьыл тохтуур
Соҕотохтуу охтуом
Арай таптаатаргын таптыам этэ мин
Оннооҕор ыраатаргын
Ардыыр хаардыыр олохпор өссө биир хардыы
Ардыгар дьылҕам эйигин өрүү туора тамныыр
Тымныы сөпкө этэҕин мин атыммын
Ол эрэн эн тускар олук уурабын тыыммын
Сүрэххэр ааҥҥҥын оргууй сэгэтэммин
Олох охсууларын тулуйарга бэлэммин

Эн эрэ баар буол
Эн эрэ кыым буол
Эн биһи иккиэммитигэр
Суруллар биир суол
Ханна да тиий
Эн аттыгар баарбын
Тугу эмэ гынан эйиэхэт уһалаатарбын
Мин улаатарбыт биһигини уларытар
Ону эмиэ өйдүүбүн
Түүн уоскутар
Тапталым уостубат
Сүрэх тэбэр өссө куустуһан
Саҥа күнү көрсүөх

Түҥнэстэр күммэр - аттыбар буолууй
Ахтар саныыр түүммэр - таспар баар буолууй
Сүрэхпин бүтүннүү - тапталынан толорууй
Аттыбар баар буолууй

Тымныы тыалга уйдаран
Эн биһи сылаас сыһыаммыт уларыйда
Арый сүрэҕин аанын, мин атыммын
Баарбын эн аттыгар күһүн буоламмын
Аны тиийбэт миэхэ өйөбүлүн
Билэбин барытын этимэ барытын өйдүүбүн
Син биир сүрэҕим эрэ кэпсиир
Тапталы таайарга турун диир
Эн ирдиигин миигиттэн
Таптыыбын диэбэккэ истиҥ эбиккин, син
Онтон мин соҕотох таптал тыына
Сүрэҕим чуумпу түүнү эмиэ мыынар
Баар буол саатар санаабар буол
Биир эрэ баҕа санаам бу дойдуга туол
Онтон атыны эн умнан кэбис
Сотору көрсүөххэ диэри доҕоруом

Түҥнэстэр күммэр - аттыбар буолууй
Ахтар саныыр түүммэр - таспар баар буолууй
Сүрэхпин бүтүннүү - тапталынан толорууй
Аттыбар баар буолууй...
Аттыбар баар буолууй...
Аттыбар баар буолууй...

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
    Нет видео
    -