Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

LawLess - Эдэр эрдэххэ | Текст песни

Куруутун баарбын оло5ум суппэтэт суолугар
Охтуом суо5а бу орто туруу дойду буоругар,
Оhолугар оhуор ойуу кэриэтэ эhиллэр биэрэгэр
Очуос таастыы умсабын айыл5ам сиэригэр,
Эдэр киhи буоламмын, эрэллээх буолабын
Элбэх до5ор булан, дьолунан туолабын,
Хас ахсаан аайы-тахсар ырыабын аахсыма
Ымсыыра да кердергун мин суолбун сырсыма,
Биир ситим тыл айан, ырыаны баhыйан
Аны иннибэр кэтэhэр эмиэ уустук быйан,
Сана сардана кулум-мичил сырдык сулус туhуутэ
Эргиллиэм олоххпор эрэй-хомолто бутуутэ,
Куруе ненуе cутуем, дьолум дьонно утуе
Кырдьар саас са5ана рэбы ыллаан бутуем,
Билигин эдэр сылдьан элбэх сэhэн-кэпсээн айабын
Кунтэн-кун айыы туругура-чэчирии сайдабын...

Эдэр саас кэмнэ, эдэр эрдэххэ
Бэhиэлэйдээн хаалыахха бары биир кэмнэ,
Дьолу билбэккэ, тугу да эппэккэ
Олорон хаалыма бэйэн энэр биэрэккэр...

Дьолгун муччу тутума, кулугурэс буолума
Бэйэн кене суолгуттан эн туора охтума,
Быhа барааччы ардыгар охтон халааччы
Бэйэтигэр эрэммэт киhи сыала суох аргылааччы,
Хаhан да5аны куех мо5ойу амсайыма
Эстии, чэпчэки олох суолугар хайыhыма,
Кунду до5ор иннигэр кэтэhэр сана былаан
Дойдубут биhиэнэ олонхо, урун-айыы халлаан,
Саха сиэрин тутуhар айыы уолабын
Хорсун ходуот саха саарына буолабын,
Олонхо дойдутугар тереебут айыл5а о5отобун
Кыргыан суо5а мин былааспын со5ото5ун,
Мин былааhым-ырааhа, тылым ербех сылааhа
Дойдум хампа кытыл, тыа са5ах сыhыы алааhым,
Охтуом суо5а бу орто дойду буоругар
Туругурдун ырыам оло5ум суппэтэт суолугар...

Тереебут дойдун силиhин сутэримэ
Хаhан да5аны атын дьонтон эрэли кэтэhимэ,
Эдэр эрдэххэ суолгуттан туора салайыма
Хаал бэйэ5инэн...Куруутун ханна да5аны...

LawLess еще тексты


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-