Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

MILEN Замир Тойтон - Эйигинэ суох | Текст песни

Билбэппин бу сиргэ хантан кэлбиккин
Олохпор умнулубат тапталы биэрбиккин
Ол эрэн сүрэҕим иэйиитин истибэккин
Миигиттэн тэйэ сатыыр эбиккин

Ама эн умнубуккун ол ааспыт сыллары
Тапталбытын үллэстибит алыптаах кэммитин
Эн эрэ сүрэххэр сипсийбит тылларбын
Эйиэхэ эрэ сүрэхпин ууммуппун

Бэйэм бэйэбин мин сүтэрэммин
Бу сиргэ сырдыгы отой көрбөппүн
Ол эрэн сүрэхпэр эйиигин хааллараммын
Бэйэм бэйэбин мин уоскутунабын

Ама эн умнубуккун ол ааспыт сыллары
Тапталбытын үллэстибит алыптаах кэммитин
Эн эрэ сүрэххэр сипсийбит тылларбын
Эйиэхэ эрэ сүрэхпин ууммуппун

Сэгэриэм эн өйдөө
Эйигин сүтэриэхпин олус күүскэ мин куттанабын
Эйигинэ суох хаалыахпын олуһун долгуйабын
Миигиттэн эн бардаххына хайдах буоларбын бэйэм да билбэппин
Эйигиттэн мин арахтахпына өрүү өйдүү саныы сылдьыаҕым
Элбэх кэм кэрдиис устуо баҕар сотору кэминэн тапталым ааһыа
Ол эрэн сүрэҕим умнуо суоҕа ол атаарбыт сулустаах кэмнэри

Мантан инньэ эйигинэ суох соргулаах олох миэхэ отой суох
Туох диэхпин бэйэм да билбэппин
Билэбин арай мин биири эрэ
Эйиигин эрэ күүскэ таптыыры
Эйигиттэн тугу да кистээбэппин
Ол эрэ миигиттэн син биир тэйэҕин
Санаабын ситэ эн билбэккэҕин
Хойутаан да буоллар кэлин өйдүөн барытын
Эн биһи икки айбыт тапталбытын
Ол онтон сылтаан сүрэх ытыа соҥуо
Ааспыт кэмнэри эргитэ сатыа

Ама эн умнубуккун ол ааспыт сыллары
Тапталбытын үллэстибит алыптаах кэммитин
Эн эрэ сүрэххэр сипсийбит тылларбын
Эйиэхэ эрэ сүрэхпин ууммуппун

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-