Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

MiLEN - Эйиэхэ | Текст песни

Эн бу чуумпуну оргууй аймаан,
Кэлбиккин эн миэхэ үөһэттэн ананан,
Түн былыргаттан былааҥҥа суруллан
Көрүстэхпит биир дьылҕалананан
Өссө ол кыра оҕо эрдэхтэн
Суолгар кэтэспиппин эрдэттэн үктэнэн
Бүгүҥҥэ диэри күн сылааһын иҥэрэн
Сүрэхтэн сүрэххэ тиэрдэбин сэрэнэн
Бэйэм бэйэбиттэн ардыгар куттанабын
Долгутуохпун таптыыр тыынын тыынын
Олоххун буурҕалыы алдьатыахпын
Ол иһин сүрэхпин эрэнэн илиигэр туттарабын
Кини тэбэр тэбии тэбирэмэллээх
Хаһан кэлэн бүтэрин билбэппин сэрэхтээх
Хаалбыт күннэрин атаарыах эйэлээх
Алыптаах уһун үйэлээх тапталга итэҕэллээх

Үйэлээх туох да суох дииллэрин истимэ
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тигэллэр таптал ситимэ
Ол иһин орто дойдуга
Ылланар таптал иэйиитэ эйиэхэ
Тутула суох таптыырбын билиэхтээххин
Хайа да тугэҥҥэ миэхэ эрэниэхтээххин
Тугу да этимэ миэхэ
Бүтүн олоҕум ананар эйиэхэ

Мин амсайабын олох минньигэс амтанын
Билигин да билэбин кини аттыбар баарын
Кэрэйбэккэ да бэрсэр туймаардар сылааһын
Ону сүрэхпэр тутабын мин барытын
Кыталык нарын намчы үҥкүүтүн үҥкүлээн
Билэбин ханна илдьэ бараргын миигин эн
Мэник мэнигийээн сүрэҕим этэринэн
Бу сиргэ дьолум миэнэ миэнэ миэнэ миэнэ эн❤😘
Бары барынан тылларбын танабын
Хатыламмат иэйиибин матыыбка хоһуйабын
Бары курдук сыһыаны суохтааммын
Санааларбын түмэн таптал ырыатын ыллаатым
Айылҕам дьииннээх кистэлэҥэ
Сахам сирин ураты сибэккитэ
Айылҕам тупсубут кэрэ нарын көстүүтэ
Бу мэник мэнигийээн сүрэҕим эйиэнэ

вк кан


MiLEN еще тексты


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-