А ас маннык туһалыыр, хардыы ахсын ыксыы
өссө көрсүү турдаҕа - үөрэниэххэ арахсарга
сатаммата быһа барда драма киинэ лентата
уларыйаллар ыллыктар - сүтэргэ бииргэ үйэлэргэ
хаста бартай саҥаттаан, күөх кытылы күүтэ сатаан
дириҥник да тимирдэҕин \"аллараа арыалдьыта\"
эт эрэ күүтэрин да? эбэтэр элбэхтэрэ
эрдэттэн сэрэйэрим... дьоннор да этэллэрэ.
буоллун чэ бырастыы оҥорбут буруйдарбын
тэҥҥэ түүннэри атаарбатым, ол быһыыта буруйум
куоска аата эйиэнэ.. имэрийтэр ээ киирбиккэ
тиийиэм кэрэ биэрэккэ, эн диэкки эргийбэккэ
баар аны суол араас, дьол булан ылыа начаас
баас суола суох буолуо онтон буруо уостуо
тупсуо олох, бэринэр санаа суох олох
сүрэх аны кытаанах... ааһа тур аттыбынан
***********************************************
эн мин бииргэ бииргэ
буолан бүттэ биирдэ
суолбут барда туора
таптал уонна куотта
***********************************************
түүннэри саныырым ааста, аны саным да?
суох буолуо.... сукаларга аныыбын тыыны
сүт мин хараабылым, мин хапытааммын
мин быһаарабын ким манна хааларын
хомойо олоруом суоҕа толоро туруом сыалы
һитистэрбин кэлээйэҕин булан ылыан суоҕа миигин
хара лиискэ киллэрдим эйиигин аны тэй диибин!
мин көҥүл киһибин саҥа суолу көрдүү барыым
ким да күүппэт кытылыгар үүнэллэр сибэккилэр
сүрэҕим миэнэ эрэнэр сүүрэн утары дьол иһэр
сардаана сибэкки уонна күн оҕото күннэй
манна таҥара күндэлэй кыыс өттүнэн дэлэй
тиксэр энибин туохха эрэ кыраттан үөрүөм этэ
аны булуоҕум атыны эн курдук таҥнарбаты
тыһы ыттыы ынчыктыы атыттарга аччайбаты
сыаналыыры тапталы үйэлэри курдаттыы таптыыры
Niukuola еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1