Күлүмүрдүүр сир үрдүн
Бүтүннүү бүрүйбүт көмүс күһүн
Көстүүтүн көрөн үөрдүм
Көҥүлгэ көппүт киһи
Булуом этэ кинини
Күннээҕини киэр элитэммин эрэли
Санаадириҥэ байҕал тэҥэ күҥҥэ
Үҥэр кэммэр миигинниин тэҥҥэ үҥэр
Көрө иликпин бу эҥэр эйиэхэ тэҥнээх
Киһини биирдэ да эн итэҕэй
Быйылгы дьыл бастакы хаарыгар эн бааргар
Былыттары атаара былыргым хаалар
Бороҥ сиргэ быыстала суох бүрүллэн
Үрүҥ кыырпах түһэн тулаҕын киэргэтэр
Ол эрэн саныыгын сыл ахсын тоҕо маннык
Бары саныылларый күһүн арахсыы диэн
Эн биһи иккиэн хаамабыт хардыы эргийэн
Күндү киhим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Тапталы бүттэ дии санаама
Туоххаһыйа тууйуллума
Санаабар өссө да биир кини туһуттан
Айылҕа уһуктан тулам тупсан турар
Күнүм киирбэт түүлбэр эрэ
Көстөҕүн эн күһүн үҥкүүтүгэр
Күн сиригэр төһө элбэх киһи сүрэҕигэр
Бу кэрэ көстүү күүһэ күһүнү кытта тиийэр
Умнуллуу төһө да күүппэтэх буоллун
Кэлиэ барыбытыгар илдьэ барыа дьолу
Ол иһин күндү түгэн төһө да түргэнин иһин
Хаһан бүтэһигин ылыам илиигин
Бу сэбирдэхтии хагдарыйыам түргэнник
Ол кэммит кэлэ илик
Ол иһин кэхтии кэмин күүппэппин
Күһүн арахсыы диэни билбэппин
Ааҥҥын арыйан тахсыый эн
Онно биһи икки иккиэн хаамабыт хардыы эргийэн
Хайаларыттан кими күһүн бүгүн арааран барар
Хаарыйар санаалардыын хаалларар
Хаар быыстала суох ардах да ардаатар ардыгар
Күһүҥҥү түүн хаһыҥныыр хаһааҥҥытааҕар да
Күрдү түүн эн аттыгар бэркэ диэн мин
Билэбин тоҕо былыт быыһыттан оонньуурун
Мин тоҕо ол сулус оонньуурун
Билигн эн миэхэ тобукпар көтөхтөрөн олороҕун
Көрсүбүппүт эдэр саас күһүнүгэр
Оо айылҕа ол түгэни саатар өйдүүгүн эн
Көмүс сэбирдэхтэр эн тула үҥкүүлүүллэр
Кигэн күөттээн мэник тыал күлэр
Бу кэм барда этэҥҥэ миэхэ эйиэхэ таптаһар сүрэххэ
Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн
Аныыбын эйиэхэ таптал тылларын сипсийэн сэрэнэн
Ponsash, SaasUstar, Fiesta еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1