Тиис тиискэ бу киирсии күүстээх!
Тиис тиискэ тиһэҕэр диэри түгэни
Туһанар тыыннаах сахалар бааллар!
Сүрэҕим көҥүлүн киһи өссө да тыыммат
Сүтэ илик эрээри умуллубат кыымнаах
Саха дэнэр дьолум дьылҕам тэтимэ
Киһи дэнэр кэрэм көнүлүм миэнэ!
Эҥин араас энэрдэртэн
Эйэҕэс сахалыы эҕэрдэ
Тэҥҥэ суолбутун кэрдэн
Төннөргө өссө да эрдэ
Эрбэх биитэ эт эрдэр
Сүүрүгү утары эрдэн
Тиийиэхпит сырдык сиргэ
Саныырга да тугун бэрдэй!?
Көнө суолга киһи санаата туолбат сырдыгынан
Ол иһин күүстээх өрүү мэһэйдэрдээх аартыгынан
Сырдык сахалар көҥүлү таптыыллар
Эн эмиэ оннук буол!
Иккиттэн биирэ эн илиигэр
Барыта эбэтэр туох да суох!
Уус тугулаах эбэтэр үөрүү
Түүнү кытары эбэтэр күннүүн!
Киһигин ду эн киһигин ду ?
Сороҕун ыл эбэтэр бүтүннүү
Түмсүбүтү ханнык да бэйэлээх
Күүс кыайбат өрүү
Өрөгөй үрдүүр өскөтүн
Омук түмсэр бүтүннүү!
Кырдьыгынан уустууктаах
Киһи да ылла да гыммат
Ол эрэн толкуйдаан көрдөххө
Куһаҕана бэт ини батталга
Оннук омуннаах санааттан
Омолуйдуҥ омуккун ытыктаан
Таптала суох хаһан да
Харанаҕа сырдык тыкпат
Тыала суохха мас хамсаабат
Ол эрэн куттал өссө да баар
Хас биирдии тыыннаахха
Төгүрүк сир үрдүгэр барыларыгар
Күүс сүрэх тэбиитигэр
Түүн кэллэ биллибэккэ
Тыын тиийбэт түгэнигэр
Кыым эрэли эргитиэ!
Күүс сүрэх тэбиитигэр
Түүн кэллэ биллибэккэ
Тыын тиийбэт түгэнигэр
Кыым эрэли эргитиэ!
Сүрэҕим көҥүлүн киһи өссө да тыыммат
Сүтэ илик эрээри умуллубат кыымнаах
Саха дэнэр дьолум дьылҕам тэтимэ
Киһи дэнэр кэрэм көнүлүм миэнэ!
Уоттааххын хараххар аахтым
Атаахтыы кэлбит таах умуллаахтыыр
Өспүт кута күөдьүйэр эмискэ
Тиис тиискэ бу киирсии күүстээх!
Сүрэҕим көҥүлүн киһи өссө да тыыммат
Сүтэ илик эрээри умуллубат кыымнаах
Саха дэнэр дьолум дьылҕам тэтимэ
Киһи дэнэр кэрэм көнүлүм миэнэ!
Saas Ustar feat Лэкиэс еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2