таас сүрэхтэри тилиннэрэ сатаан,
үтүөлүүн-мөкүлүүн мөккүһэр сүрэхтэргэ анаан.
тулуйар диэни тумнаммын,
тулабын тылынан уоттаамын
тугунан тыыннаах хаалабын? -
туоххаһыйбаппын.
кэлэйэр-хомойор санаабар
кэлэри күүтүөх да баара...
кэрэтиэн сырдык-хараҥа.
мөккүспэппин.
сүрэҕим сүбэтин истэммин,
кистэлэҥи кичэйэн кистээммин,
оһолу уҥуордаан, көҥүлү мин ааттаан
тыл уотугар умайарга бэлэммин.
оттон эн бу кутааттан
иттэҕин, буолбат дуо, атаскаан?
киһигин, сахалыы тыллааххын -
ол иһин эрэ билигин эн тыыннааххын.
бу тэтими наар эргитэҥҥин аҕал.
сахаларбар махтал уонна айхал.
сырдык кыымнаах, сытыы хатыылаах
сүрэҕим тэбэрин тухары, көр - тыыннаах.
эт, хайа баарый "муҥура суох дириҥ
куйаар" диэҥҥит? көрө иликпин,
билэ иликпин, өйдүү иликпин.
мин бэйэм муҥура суох дириҥмин.
тулуйар диэни тумнаммын,
тулабын тылынан уоттаамын
тугунан тыыннаах хаалабын? -
туоххаһыйбаппын.
кэлэйэр-хомойор санаабар
кэлэри күүтүөх да баара...
кэрэтиэн сырдык-хараҥа.
мөккүспэппин.
эт, итэҕэтиэҥ дуо итиннэ
өскөтүн бэйэҥ да кэмсинэн
олоҕу олорбут киһилии
омолуйдуҥ, ол эрэн билбэккин,
билэ иликкин. ким илиититтэн
бу иитиллэрин эппэтилэр.
ол иһин эрэ биир эдэр сүрэх
түмүгү кэтээн түүн саҕа күүстээх.
мөккүөртэн сүрэҕим үөрбэт
мөкүнүк утарары мин өр да күүттүм,
өр да күүттүм, өлөн - тилинним
мантан иннэ мөккүспэппин.
хайа баарый "муҥура суох дириҥ
куйаар" диэҥҥит? көрө иликпин,
билэ иликпин, өйдүү иликпин.
мин бэйэм муҥура суох дириҥмин.
тулуйар диэни тумнаммын,
тулабын тылынан уоттаамын
тугунан тыыннаах хаалабын? -
туоххаһыйбаппын.
кэлэйэр-хомойор санаабар
кэлэри күүтүөх да баара...
кэрэтиэн сырдык-хараҥа.
мөккүспэппин.
Saas Ustar еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2