тыын! өhөспүн диир этиҥ эн өсөhүн - тыын уу далайа эн курдуктары күн кустуктарын таптыыр тиийиэ дуо салгын тоҕо албын тоҥ суолун таллыҥ мин маннык тымныы диэн сэрэйбэт да этим сэгэрим бырастыы хаhыстаан көнүлү харыстаан эргилинним алаастан санаабар байҕал ыҥыра турара наар үйэ да аастын эргитиэм диэбитти туттан ааттаhан ытаан баттаан дууhабыттан ороон таhаарда хараҥаны харбаан хайдах долгунурда? долгун турда тыалтан былыты курдат күнү бу им балайы сырдат кэтитэ бэрт байҕал тумна барыан этэ да тайҕа санаа5ар хайдаҕый таҥара айбыт айылҕата?
кэлиэ күүтэр кэммит, ордуохпут эн биhи икки, кэрийиэхпит күн сирин кураанах куораттарынан көл салгыны хайытан аан дойду дьонун сайыhан далбаатан ааhыа түөрт кынат
эр ылан кытылтан тирэнэн айаҥҥа тэринэн тиhэх эрэлгэр эрэнэн сылдьар кэмнэрин этилэр ол кэмнэр эргилиннилэр күүппүтүн дуу эт эрэ эн? сүрэх эрэ курдаттыы сэрэйэр бу тымныы тыаллар эйиэннэрэ. сылааhы биэрбэт күн ол эрэн өссө күндү өйдөбүлү барытын дириҥ соҕустук көмпүтүм көрдүн мин оннук олустук саныыбын айыллыым миигин бырастыы гын уонна кытылтан ас туос тыыбын! ба5ар хаhан эмит эргиллиэ сырдык ба5ар хаhан эмит сымыйаны кыйдыа кырдьык онуоха дылы бу баары барытын сымыйалыын албынныын хааллардын, сөпкө гыннын эн хардыын атыттары кынаттыыр. сирдээ хара5а суохтары, миигин эмиэ сирдээ. үөhээттэн күн тэннэ5ин үйэлэргэ сүрэ5ин тэбэр ким даҕаны эйиигин билбэт ким даҕаны көрө илик ол эрэн бу тымныы кытылга таарыйда миигин эн сылаас илииҥ
кэлиэ күүтэр кэммит ордуохпут эн биhи икки кэрийиэхпит күн сирин кураанах куораттарынан көл салгыны хайытан аан дойду дьонун сайыhан далбаатан ааhыа түөрт кынат