Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Saas Ustar - Туерт Кынат | Текст песни

Кэтит бай5ал таастаах кытылыгар күнүм көрбөт тыкпат
То5о киирдиҥ манна тиһэх эрэлиҥ кыымын кытта?
Баттыыллар былыттар дьолгун уйбаттар кынаттарыҥ буолбат дуо
Долгун да ыйыстыа ини көтөр көҥүлү көрбөт санааттан

Тыын өһөспүн диир этиҥ эн өсөһөн тыын
Уу далайа эн курдуктары күн кустуктарын таптыыр
Тиийиэ дуо салгын то5о албынтан суолун таллыҥ?
Мин маннык тымныы диэн сэрэйбэт да этим, сэгэрим, бырастыы

Хаһыстаан көҥүлү харыстаан эргилинним алаастан?
Санаабар бай5ал ыҥыра турара наар үйэтэ аастын
Эргий диэбиттии туттан ааттаһан ытаан баттаан
Дууһабыттан ороон таһаарда хараҥаны харбаан

Хайдах долгунурда долгун турда тыалтан?
Былыты курдат, күнүм, бу им балайы сырдат
Кэтитэ бэрт бай5ал тумна барыаҥ этэ да тай5а?
Санаа5ар хайда5ый Таҥара айбыт айыл5ата?

Кэлиэ күүтэр кэммит: ордуохпут эн-биһикки
Кэрийиэхпит күн сирин
Кураанах куораттарынан көй салгыны хайытан
Аан дойду дьонун сайыһан далбаатаан ааһыа
Түөрт кынат

Эр ылан кытылтан тирэнэн айаҥҥа тэринэн
Тиһэх эрэлгэр эрэнэн сылдьар кэмнэриҥ этилэр
Ол кэмнэр эргилиннилэр күүппүтүҥ ду эт эрэ эн?
Сүрэх эрэ курдаттыы сэрэйэр бу тымныы тыаллар эйиэннэрэ

Сылааһы биэрбэт күн ол эрэн өссө күндү
Өйдөбүлү барытын дириҥ со5устук көмпүтүм
Көрдүҥ мин оннук холустук саныыбын айыллыыны
Миигин бырастыы гын уонна кытылтан ас туос тыыбын

Ба5ар хаһан эмит эргиллиэ сырдык
Ба5ар хаһан эмит сымыйаны кыйдыа кырдьык
Онуоха дылы бу баары барытын сымыйалыын албынныын хааллардыҥ
Сөпкө гынныҥ эн хардыыҥ атыттары кынаттыыр

Сирдээ хара5а суохтары миигин эмиэ сирдээ
Үөһэттэн күн тэҥэ5ин уҋэлэргэ сүрэ5иҥ тэбэр
Ким да5аны эйигин билбэт ким да5аны көрө илик
Ол эрэн бу тымныы кытылга таарыйда миигин эн сылаас илиҥ

Saas Ustar еще тексты


Видео
Нет видео
-
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2