Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Saas Ustar - Тургутуу | Текст песни

сахалар бииргэ. айыл5а - ринга.
бу киэң ыырга, бу аан дойдуга
уоттааххын хараххар аахтым.
атаахтыы кэлбит таах
умуллаахтыыр.
муус килэмэни уоттуурга бэлэмнэнэн
илиигэр эгэлгэ
кыымнары туттуң эн.
ириэнэх суолларын ирдээн,
тоң суолларын тордоон тиийдин - иэдээн!
уруң тыын туьугар тыын.
ама албынныыр эрэ бу күрэххэ бастыыр?
киhи ааттаах кыайбата5а диэн суох,
хайдах биир суон мас тостуой?
өспүт кутаа күөдьүйэр эмискэ.
тиис тиискэ, бу киирсии күүстээх.
түмүгэ суох, түгэ5э суох кыhыы
барыны барытын самнары баттыыр.

күөн күрэс күүhэ көтүтэр үөhээ,
көңүлү күөттүүрэ сүрэ5эр уот күүрээн.
эрэлэ - биир түгэн, санаата - уот сүгэ,
ити кэннэ бүгэн сытыа дуо кини эт!

сахалар бииргэ.
анда5ай уотка \"бэлэммин\" дииргэ.
охтубат охтоох өстөөхтөн эн
\"киhибин\" диэн киэн тутта этиэн дуо?
биир эрэ санаа: \"ким үңүү тутан сиир
ба5атынан киирдэ бу манна?\"
омугун уонна алааhын көмускээн
көңүлү атастаспат көмүскэ.
билии уонна өркөн өй күүстээх.
үтүөнү үксэт, үтүөнү түстээ!
киэң кө5үстээх эрэ кыахтаах.
дойдугун ал5аан сырдыгы тар5ат!
өстөөх хара5ар кутталын кистиир,
тиис тиискэ бу тиhэх киирсии
түмүгэ суох, түгэ5э суох кыhыы
барыны барытын самнары баттыыр.

куон курэс кууьэ котутэр уоьээ,
конулу коттуурэ сурэ5эр уот куурээн.
эрэлэ биир тугэн, санаата уот сугэ
ити кэннэ бугэн сытыа дуо, кини эт!
эрэлэ биир тугэн, санаата уот сугэ
ити кэннэ бугэн сытыа дуо, кини эт!
куон курэс кууьэ котутэр уоьээ,
конулу коттуурэ сурэ5эр уот куурээн!

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-