Кемус куьун эмиэ салаллан кэллэ
Эмиэ курус куннэр ууннулэр бу бугун
Олорон эмиэ ырыа суруйабын.
Хатын сэбирдэ5э сиргэ туьэр
Тулам барыта хагдарыйар кемуьунэн
Кэллэ,кэллэ эмиэ кемус куьун
А5алла миэхэ курус санаалары.
Сиккиэр тыал миэхэ тугу эрэ сипсийэр
Санаабын ере кете5ерге дылы гынар
Кэпсии сатыыр быьыылаах миэхэ тугу эрэ
Мин истибэппин тугу да ейдеен.
Кетутууй миигин тыал, кердерууй элбэ5и
Кэпсээриий инники олохпор туох буоларын
Санаам ырыатын эн ыллатыый
Суурайыый куьа5ан санааларбын.
Припев:
Чункуйан тураммын
Элбэ5и саныыбын
Санаам бутулунна,
Санаам ыьылынна
Кун сылытар сурэхпин сылааьынан
Халаанна усталлар ыраас былыттар
Кэрэтиэн айыл5ам хагдарыйар кэмнэрэ
Иэйиим миэнэ арыллар куннэрэ.
Оргууй турабын айыл5аны сэнээрэбин
Айыл5а барахсан олус да дьиктигин
Кэрэ кестуу барыта мин тулабар
Керебун уьуннук тулам хагдарыйар
Сиккиэр тыал миэхэ тугу эрэ сипсийэр
Санаабын ере кете5ерге дылы гынар
Сымна5астык урэр тыал ырыа ыллыыр
Санаам миэнэ ере кете5уллэр
Кэрэтиэн куьунну кемус куннэр
Санаам сатаан сааьыламмат кэмнэрэ
Ордоробун кемус куьуну эрэ
Сурэ5им ыллыыр ис дууьатыттан...
Ten5 еще тексты
Другие названия этого текста
- Ten5 - Көмүс Күһүн (0)
- Ten5 - Кемус куьун(2012) (0)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1