Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

TEN5 - Кыhал5а(2015) | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

Тугу да санаама хараххын сап,
Аргыый ылан, уоттанан табаххын тарт.
Хойуу буруо тына5ар хаайтарар
Оннук курдук кыьал5а хабар5а5а турар.
Куннээ5и кыьал5а хаалар быстах санаа5а
Сордонон тахса5ын кыьал5а5ын санаан
Дьэ, буолар буо хайыахпытый олордохпут
Урун - хара олохпут аргыстаах, айаннаах.
Сылаалаах ардыгар олохпут хардыыта
Елуу элбиирэ, до5ор елере эрэйдиирэ
Ырыа эрэ эмтиирэ, хос ырыа кылгас этиитэ
Кыратык чэпчэтэрэ, олох биир диэн сэрэтэрэ.
Кэлэрэ кыьал5а, харана хаайара
Кыра о5о муннукка турарыныы кутталлаах
Буолара дьонтон ме5уллэр о5о сааскар
Дьон ме5ер - этэр тыла куустээх, сытыы быьах.

Ханна да буолларгын
Баар еруу кыьал5а.

Ханна да, кимниин да сырыт
Син биир кыьал5а тулалыыр,
Эн олоххун алдьата, умуллара сатыыр.

Кимнэ ба5ар баар буолар
Олоххо кыьал5а...

Кыьал5ата суох диэн киьи бу дойдуга суох
Хас биирдии киьи анаммыта эрэйгэ, учугэйгэ.

Тугу да санаама хараххын сап,
Аргыый ылан уоттанан табаххын тарт.
Хойуу буруо тына5ар хаайтарар
Бу курдук курус санаа хабар5а5а турар.
Туолбат инникигэ кэлэр былаан охсор,
Талаьар кирилиэс ортотунан быьа тостор.
Олорор сурэххэ эрэлэ суох санаалар
Бу бааллар кырачаан олоххо кыьал5алар.
Кыаллыбаттар табыллыахтаах боростуой дьыалалар,
Хаьаанны эрэ умнуллубут кыра сыыьалар
Тебе5ун эрэйдии, уьуннук да мэьэйдии сылдьаллар
Ити быстах санаалар кыьал5а5а баттыыллар.
Таммалыыр аргыый самыыр ытыыр, ыллыыр.
Сал5ыы саныы сатыы, сылдьыы, быстыы, тымныы.
Ардах туьэр, таммалыыр, мин турабын...
Умна сатыыбын быстах буолар олоххо кыьал5абын.

Ханна да буолларгын
Баар еруу кыьал5а.

Ханна да, кимниин да сырыт
Син биир кыьал5а тулалыыр,
Эн олоххун алдьата, умуллара сатыыр.

Кимнэ ба5ар баар буолар
Олоххо кыьал5а...

Кыьал5ата суох диэн киьи бу дойдуга суох
Хас биирдии киьи анаммыта эрэйгэ, учугэйгэ.


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-