Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

TEN5 - Оло5ун Суолунан Айаннаа(2015) | Текст песни

Хардыылаа оло5ун суолунан айаннаа,
Туохтан да толлума, айаннаа, охтума!
Бэринэн хаалыма, куьа5аны санаама,
Эрэлгин умнума, олоххун сыаналаа!

Буттэ диэннин ыьыктынан, бэринэн туьэн хаалыма,
Оло5ун иннигэр, керуен ессе да олус элбэ5и.
Дьон кере илигин эн керуен! Хардыылаа тостума!
Дьон уктэммэтэх сиригэр тиийиэн! Иннигэр айаннаа!
Билэбин олоххо араас куьа5аннар буолаллар
Мин да эн курдук олохпор дьону сутэрэн кэлбитим,
Куьа5ан хара, курус санааны билбитим.
Ол эрэн бэриммэтэ5им иннибэр хаампытым.
Эн эмиэ айаннаа миигинниин олох устунан,
Эн эмиэ керууй кунтэн кун куммут уунэрин,
Киэьээ - кун киириитин керен дуоьуйуон,
Туун - ахсаана биллибэт сулустартан маанньыйыан.
Олус да кэрэ дии ардыгар айыл5а дьиктитэ.
Олохпут ардыгар теье да ыарахан да буоллар
Сырдык, ыраас тосхойоро биьиэхэ да туолуо,
Кыайыы - хотуу, ситиьии биьи диэки буолуо!

Хардыылаа оло5ун суолунан айаннаа,
Туохтан да толлума, айаннаа, охтума!
Бэринэн хаалыма, куьа5аны санаама,
Эрэлгин умнума, олоххун сыаналаа!

Эмиэ бугун дьиэ5эр со5отохсуйан олорон
Санаа5ар баттатан тугу гынаргын билбэккин.
Толкуйгар эрэ бол5омто5ун ууран сылдьа5ын
Хомойо5ун эрэ бу кун со5отох сылдьан.
Эдэр - сэнэх эрдэххинэ охтон, туьэн биэримэ,
Биир сиргэ тохтоон, олорон хаайтара олорума.
До5отторгунаан, чугас дьоннунаан мэлдьи бииргэ
Атаар бу куннун куьа5аны умнан туран.
Олох устун дьону кытта алтыьан, бииргэ тутуьан
Бииргэ сырыт со5отох буолбакка дьону кытары.
Со5отох мэьэйдэри туоруон суо5а, кэбис до5ор...
Кеме хайаан да наада, бэл тутуьар илии...
Бэринимэ терут, тула5ын керууй!
Хас биирдии дьон бары кыьал5алаахтар!
Хомойума терут, бэйэ5ин буруйдаама
Бу олохпут биьиэнэ маннык суолтата буолар.

Хардыылаа оло5ун суолунан айаннаа,
Туохтан да толлума, айаннаа, охтума!
Бэринэн хаалыма, куьа5аны санаама,
Эрэлгин умнума, олоххун сыаналаа!

TEN5 еще тексты


Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 5
Видео
    Нет видео
    -