Мас гитара куруус тыастара
Мин сүрэхпин кытта тэбэллэр,
Мин илиим чэрдээх тарбахтара
Ардах түстэҕинэ тиллэллэр
Тугу эрэ суруйбут киһи дуу?
Таһырдьа дьон ардахтан куотар
Кураанахсыйбыт болуоссаттан,
Бүгүн олус хомойбут кыысчаан
Туруоҕа халлаҥҥа хантайан,
Хараҕын уутун ардахтан кистиэ.
Бу эн суруйбут остуоруйаҥ,
Бу эн айбыт уус-уран айымньыҥ
Дьоҥҥор тиэрдиэҥ уһун киэҥ суолгар
Соһуччу ардахха баттаппыккын,
Ханнык да халыйбыт чалбахха
Хомойбут сирэйгин көрүнүмэ,
Ханнык да ардаҕы кытары
Хараҕыҥ уутун сиргэ тоҕума.
Ардахха сытыйбыт айанньыт
Кутаа уоту аа-дьуо уоттуоҕа,
Таҥастарын куурдунан баран
Салгыы айаҥҥа турунуоҕа,
Толору тыыныа ыраас салгыны.
Киэҥ нэлэмэн оттуур алаастан
Кураантан дьэ быыһаныахтара,
Атах сыгынньах барбыт уолаттар
Таһырдьа тахсан оонньуохтара
Күн сыламын тэҥ-тэҥҥэ үллэстэн.
Tyas-Uus еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1