Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Vasille - Дьокуускайга хаар туьэр (Егоровы cover) | Текст песни

Куба маҥан, кырса маҥан хаар
Көтө-дайа сыыйыллар.
Уулуссалар, болуоссаттар хаар
Үҥкүүтүнэн сырдыыллар!..
Дьокуускайга хаар, хаар түһэр,
Чуумпу, намыын хаар түһэр!..

Санаабытын, санныбытын хаар
Сылааһынан таарыйар:
Саха сирэ, саха тыата — хаар,
Саҥыйаҕа халыҥ хаар!..
Дьокуускайга хаар, хаар түһэр,
Ыраас, саҥа хаар түһэр!..

Кыһын тыынын, тымныы тыынын наар
Кыйдыы туруо субу хаар!
Үтүө билгэ, быйаҥ буолар — хаар,
Ыра санаа, эрэл баар...
Дьокуускайга хаар, хаар түһэр,
Кыппай манан хаар түһэр!..

Vasille еще тексты


Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-