Кыыс ыга куус миигин эн маанылаа миигин Бүгэн турума, ыл уонна сиэт миигин Тоҕо ый устарый, бу түүнү тупсарый Көрүүй халлааҥҥа мөлүйүөнүнэн сулустары Бу түүнү бэлэх гыныах, ахтылҕаны антах ыытыах Кистэлэҥ санаалары муҥнаабакка бытарыйыах Син биир барыта биллэр хойут эбэтэр билигин Сүрэх эйиэхэ тардыhар эйигин эрэ таптыыбын мин Сүрэх охсуута түргэн, бэйдиэ барда мин сүргэм Миэхэ тахсыый кэргэн, эйиэхэ анаммыт эрбин Киирдэ ыйытык, тохтуур сөкүүндэ Yөскүүр сибикитэ биллибэттик сүттэ Ону син биир манаан күүтэргэ дылыбын мин Олоҕум инникитин көрөбүн эйигинниин Эмиэ көрдүм диэбэппин аан маҥнайгы курдук Мин дьолум эн үөрэриҥ, үөрэ сырыт куруук
Х/ы Мин ырыам матыыба алгыстаах буоллун Кэхтибэтин өрүү Мин дьолум эн үөрэриҥ, үөрэ сырыт куруук Мин тылым үтүөтэ эрэллээх буоллун Умуллубатын өрүү Мин дьолум эн үөрэриҥ, үөрэ сырыт куруук
2. Кыыс эйиэхэ бэлэхтиирбин көҥүллээ, көҥүллээ Мин сүрэхпин эн иккигэ төгүллээ, төгүллээ Бу дойдуга кэрэ хайдаҕын көрдөрүөм Ситэри үөрбэтэххин тугу сатыырбынан үөрдүөм Ас харахтаргын, киир кытылбар Ас мин ырыабар туойуллар тойукпар Эн тускар мэhэйдэри бааhырдыам Эн тускар хомойбут сүрэхтэри эмтиэм Олохпор эн кэлбиккэр илэ дьиҥ уларыйда Хараҥа хаайтарбыта бүтүннүү харбылынна Уйан тулуурум кыайбатаҕын тыл уларытта Күннээҕи түбүктэрбин сырдык аралдьытта Махталым муҥура суох дьоллоннум томточчу Барыта буолбута биhиэнэ соhуччу Эмиэ көрдүм диэбэппин аан маҥнайгы курдук Мин дьолум эн үөрэриҥ, үөрэ сырыт куруук
3. Мин ырыам кэпсээнэ алгыстаах буоллун Кэхтибэтин өрүү Сайаҕас ырыа ыллааммын Yөрдэ сылдьыам куруутун Мин тылым үтүөтэ эрэллээх буоллун Умуллубатын өрүү Yүнэр күн аайы дьоллоон Yөрдэ сылдьыам куруутун