Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

А.Алексеева уонна В.Еремеев - Ахтыл5ан | Текст песни

1. Ахта эрэ түстэрбин
Аймаһыйан ылабын
Үтүө дьоллоох күннэрбин
Өйдөөн үөһэ тыынабын.

Хос ырыа

Сибэккиилээх сыһыынан
Сиэттиһиэхпит дуо аны
Киэһэ барык быыһынан,
Куустуһуохпут дуо аны.

2. Санаан эрэ кэллэрбин
Саппаҕыра сөҥөбүн
Эргиллибэт эдэрбин
Эргиллэммин көрдүүбүн.

Хос ырыа

Чаҕыл уоттаах чараҥҥа
Дьаарбайыахпыт дуо аны,
Долгураҥҥа чуумпуга
Чуопчаарыахпыт дуо аны.

3. Ааһан биэрбэт ахтылҕан
Амньырытар сүрэхпин
Аһын миигин оо дьылҕам
Аҕал биирдэ сэгэрбин.


А.Алексеева уонна В.Еремеев еще тексты


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-