Сарсыарда күнү тулалыыр эйгэ
Үөрэ сонургуу көрсөрүн курдук
Эйиигин мин ыраата сылдьан
Ахтарым ордук күүһүрэр, күүһүрэр.
Хос ырыата:
Ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан,
Кимтэн да ордук күндүгүн миэхэ.
Ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн.
Өйдүүгүн дуо, ийээ, бастакы атылбын,
Аан бастаан "ийэ" диэн үөрдүбүт күммүн?
Билэҕин дуо, ийээ, эйиэхэ махталым
Уолан бүппэт үрэх буолан кутулла туруо.
Хос ырыата.
Бу ырыам тыллара үйэттэн-үйэҕэ
Бэриллэн ыллана туруо куруутун.
Бу ырыам матыыбын күөх тайҕа суугуна
Ыллыы туруо өрүүтүн-өрүүтүн.
Хос ырыата.
Айыы Уола еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2