Илин, арҕаа, хоту, соҕуруу -
Тулам барыта ыарыы-сүт.
Иhиллэр онно Айылҕа ытыыра,
Оҕотун - киhини - ыҥыра сатыыра.
Тохтооҥ, дьоннор, өйдөнүҥ!
Истиҥ Ийэ Сир ытыырын!
Айылҕа ытыыр, ыҥырар,
Тулам барыта айманар.. (х2)
Охтон баранар мастардаах,
Уолан бүтэр уулардаах
Орто туруу бараан Дойдубар
Кэлэр кэмҥэ алдьархай ааҥнаабыт.
Тохтооҥ, дьоннор, өйдөнүҥ!
Истиҥ Ийэ Сир ытыырын!
Айылҕа ытыыр, ыҥырар,
Тулам барыта айманар.. (х2)
Илин, арҕаа, хоту, соҕуруу -
Тулам барыта ыарыы-сүт.
Иhиллэр онно Айылҕа ытыыра,
Оҕотун - киhини - ыҥыра сатыыра...
Айыы уола еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1