Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Айыы уола - Чүмэчи | Текст песни

Эн хараҥа хоспун санньыардык сырдатан,
Умайыый, чүмэчи, элбэҕи санат.
Чуумпуга эн уотуҥ ырыаты ыллаатыҥ,
Бу хоско алгыһын бу түүн анаатын.

Чүмэчим, умай,чүмэчим, сандаар!
Олохпор буолбуту санатан аһар.

Санатыый эн миэхэ бастакы тапталбын,
Сымыйа тапталтан хомойбут күммүн.
Санатыый элбэҕи: ийэбин, аҕабын,
Ыраах-ыраах хаалбыт дойдубун.

Чүмэчим, умай,чүмэчим, сандаар!
Олохпор буолбуту санатан аһар.

Эн хараҥа хоспун санньыардык сырдатан,
Умайыый, чүмэчи, элбэҕи санат.
Чуумпуга эн уотуҥ ырыаты ыллаатыҥ,
Бу хоско алгыһын бу түүн анаатын.

Чүмэчим, умай,чүмэчим, сандаар!
Олохпор буолбуту санатан аһар.

Айыы уола еще тексты


Видео
Нет видео
-
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2