Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Альберт Унаров - Оччоҕо (2012 Альбина Дегтярева тыл., Егор Неустроев муз.) | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

Арай эн олоххор ыарахан күн үүннүн
Сирдэтэр халлааҥҥар хараҥа түүн буоллун
Ол онно эн санаар мин ыраас тапталбын
Эйиэхэ анаабыт мин истиҥ тылларбын
Арай эн олоҕуҥ нус бааччы уhуннун
Кыhалҕа биир кэмник эйигин тумуннун
Ол онно эн миигин дэн санаан аhараар
Олоҕу сыаналыыр дьоҕурбун күүhүрдэ
Оччоҕо мин тыгыам уот сулус буоламмын
Мунаарбыт эн суолгар иннигин сирдээммин
Эрэли күөдьүтэн санааҕын саймаардыам
Эрэйгин чэпчэтэн эйиэхэ күүс биэриэм
Арай эн олоххор дьол эрэ тосхойдун
Өрөгөй үөрүүтэ сүрэххин толордун
Ол онно эн миигин кыратык да санаар
Күүс биэрбит тапталбар истиҥник махтанаар
Оччоҕо мин тыгыам уот сулус буоламмын
Мунаарбыт эн суолгар иннигин сирдээммин
Эрэли күөдьүтэн санааҕын саймаардыам
Эрэйгин чэпчэтэн эйиэхэ күүс биэриэм
Мин ыраас тапталым


Другие названия этого текста
  • Альберт Унаров - Оччоҕо (2012 Альбина Дегтярева тыл., Егор Неустроев муз.) (0)
  • Альберт Унаров - Оччоҕо (2012 Альбина Дегтярева тыл., Егор Неустроев муз.) (0)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-