Сүрэхпин толордун кыысчаным,
Кэрэ да истин иэйиинэн,
Хас үүйэ тухары уостубат,
Төлөннөөх тапталы күөдьүттүн.
Ытаама дуу мин күндү биэбэккэм,
Нухарый ырыабар уйдаран,
Бу истин уйаҕас ырыабын,
Ыллыыбын эйиигин уоскутан.
Олоххор ханнык да түгэннэ,
Ырыаны таптар кыысчааным,
Ханаарҕыыр мунчаарар күннэргэр,
Ханааҕын чэпчэт ырыанан.
Ытаама дуу мин күндү биэбэккэм,
Нухарый ырыабар уйдаран,
Бу истин уйаҕас ырыабын,
Ыллыыбын эйиигин уоскутан.
Ытаама дуу мин күндү биэбэккэм,
Нухарый ырыабар уйдаран,
Бу истин уйаҕас ырыабын,
Ыллыыбын эйиигин уоскутан.
Ыллыыбын эйиигин уоскутан.
Анатолий Бурнашев еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1