Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Анатолий Бурнашев - Көрсүһэр күммүтүн умнумуох | Текст песни

Арахсыы хараҕын уутунан
Доҕоччуок айаммын аймаанҥын,
Хааллын иэйэн миигин атааран,
Хааллын иэйэн миигин сайыhан.

Хос ырыата:

Уоскуй дуу уоскуй дуу доҕоччуок.
Көрсүһэр күммүтүн умнумуох.
Арахсар эбиппит көрсөөрү,
Тапталбыт кутаатын күөртээри.

Эн таскар суох буолбут чаастарбар
Доҕорум аһары суохтаама.
Баар буолуом өрүү мин эн түүлгэр,
Баар буолуом өрүү эн сүрэххэр.

Хос ырыата.

Хос ырыата.

Туох буолууй арахсыы айана?
Таптаһар дьоннорго уһуна.
Көрсүһэр күн дьолбут үүнүөҕэ,
Сүрэхпит төлүтэ мөхсүөҕэ.

Хос ырыата.

Хос ырыата.

Арахсыы хараҕын уутунан
Доҕоччуок айаммын аймаанҥын
Хааллын иэйэн миигин атааран
Хааллын иэйэн миигин сайыһан... сайыһан.. сайыһан..

Другие названия этого текста
  • Анатолий Бурнашев - Көрсүһэр күммүтүн умнумуох (0)
  • Анатолий Бурнашев - Көрсүһэр күммүтүн умнумуох (0)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-