Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Ангелина Файрушина - Алгыс | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

1. Эhиэхэ мин сахам дьонугар
Кырдьаҕас буолуҥ, эдэр да буолуҥ
Баҕарабын мин үтүөну эрэ
Эйэлээх халлаан турдун бу сиргэ

Хос ырыата:
Өрүүтүн үөрүү, үтүө эрэ
Алгыстаах буолуҥ күндү бар дьонум
Эhиэхэ эрэ эрэнэбин
Yүммүт үтүө саҥа үйэҕэ

2. Yтүө санаалар үксүү турдуннар
Yлэбит эмиэ түмүктээх буоллун
Оччоҕо бары бииргэ түмсэммит
Сахабыт сирэ сайда туруоҕа

3. Дьоллоох түгэҥҥэ миигин кытары
Yөрүүбүн тэҥҥэ үллэстибиккэр
Махтанабын мин ис сүрэхтэн
Алгыстаах буоллун ырыам тыллара


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Видео
Нет видео
-