1. Бэс ыйын куйааhа сыдьаайда, сыдьаайда
Бэс ыйын кэрэтэ эргийдэ, эргийдэ
Тулаайах мин дууhам сырдаата, сырдаата
Өр күүппүт сүрэҕим сылыйда, сылыйда
Хос ырыата:
Эн кэллиҥ миэхэҕэ доҕоруом
Соhуччу үөрүүнэн долгутан
Эн кэллиҥ миэхэҕэ доҕоруом
Дьол күннээх ардаҕын түhэрэн
2. Бэс ыйын уйгулаах ыhыаҕа, ыhыаҕа
Уостубат үөрүүнэн угуттаа, угуттаа
Бу хатыҥ, бу чараҥ ырыата, ырыата
Yйэ саас сүрэхпэр суугунаа, сугунаа
3. Yрүҥ түүн чуумпута куоппутун, куоппутун
Yрүҥ күн мичээрэ тыкпытын, тыкпытын
Өйдөөммүт үөйбэтэх кэммитин, кэммитин
Өрүүтүн уруйдуу туойуом мин, туойуом мин
Ангелина Файрушина еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1