1. Түүнүн түhээн эйигин мин
Эн ыллыыр ыраас ырыаҕын
Сэмэй дьикти бэйэҕин мин
Сэмээр түhээммин көрөбүн
Хос ырыата: Арыт ахтан айманаммын
Кэрэ куоласкын истээри
Кэлэр кэми кэлиэ диэн
Кэтэhэбин эйигин мин
2. Уора-көстө эйигин мин
Умсугуйа көрбөхтүүбүн
Кистии саба куруутун мин
Киhигинэйэммин ыллыыбын
3. Таптал үрдүк хайатыгар
Дабайыахха иккиэйэҕин
Эдэр сүрэх эрчимигэр
Эрэллээхтик эрдиниэххэ
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1