Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Антон (X-UPP) - Сэргэлээх киэhэлэрэ | Текст песни

Ыллаа-ыллаа дуу, гитаара,
Эдэр саас арыалдьыта.
Лыҥкыр тыаскар уйдаран
Олоруоҕум чуумпуран

Санаабар тиллиэхтэрэ
Ааспыт кэм түгэннэрэ,
Сэргэлээх киэhэлэрэ,
Кыыс иэйиилээх күлүүтэ.

Хап-хара суhуохтар,
Буспут дьэдьэн уостар,
Уп-уhун кыламан, харахтар...
Тапталы таайсыhыы,
Киэhэтин атаарсыы,
Сатала суох симик уураhыы...

Сэргэлээххэ бу киэhэ
Саҥа ырыа дьиэрэйэр,
Эн хоскор оҕо кыысчаан
Тапталтан саатара

Эн биhи оҕо сааспыт
Ыллаан-туойан ааhыаҕа,
Харыстаабыт тапталбыт
Бу ырыаҕа ылланыа

Хап-хара суhуохтар,
Буспут дьэдьэн уостар,
Уп-уhун кыламан, харахтар...
Тапталы таайсыhыы,
Киэhэтин атаарсыы,
Көрсүөххэ диэритин арахсыы...

Ыллаа-ыллаа дуу, гитаарам,
Эдэр сааhым аргыhа.
Чуумпу хоспор чуҥкуйан
Санаабыт аралдьыта

Санаабар тиллиэхтэрэ
Ааспыт кэм түгэннэрэ,
Сэргэлээх киэhэлэрэ,
Кыыс иэйиилээх күлүүтэ...

Хап-хара суhуохтар,
Буспут дьэдьэн уостар,
Ханна саhан сүтэн хааллыгыт?
Эдэркээн кэмнэри,
Уол оҕо тапталын
Илдьэ барбыккытын билбэккит ...

Антон (X-UPP) еще тексты


Видео
Нет видео
-
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1