Курус киэһэ санньыар ырыа
Куккун-сүргүн баттыыра дуу?
Эбэтэр ол туолбат ыра
Эн санааҕын ааҕара дуу?
Ардахтаах түүн хойуу былыт
Алаас тула күлүгүрэн,
Аймыыра дуу урут-урут
Ахтылҕан сөҥмүтүн түөрэн?
Арыйыый санааларгын,
Аламай күннүү сырдаа!
Атаарыый толкуйдаргы,
Ааспыты антах кыйдаа!
Курус киэһэ кылгас кэмҥэ
Кууһан ааспыт ахтылҕаҥҥын
Умна туһэн, эн этэҥҥэ
Утуйан бардыҥ, сытаҥҥын.
Сайыҥҥы түүн самыыр түһэр,
Салгын сыта саба охсон,
Дьикти түгэн кустук буолан,
Дьиримнээтэ эн мөссүөҥҥэр..
Аскалон Павлов еще тексты
Видео
-
Аскалон Павлов - Эргиллии
Аскалон Павлов - Эргиллии ... Аскалон Павлов - Ардах // Askalon Pavlov - Ardakh (Rain) - Duration: 4:12. by Stas Noev 2 ... -
Аскалон Павлов - Чуумпуга
Аскалон Павлов - Чуумпуга .... Аскалон Павлов - Ардах // Askalon Pavlov - Ardakh (Rain) - Duration: 4:12. by Stas Noev 2 ...
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2