Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Аскалон Павлов - Санаа күүhэ | Текст песни

Уокка сиэтэн, ууга сойон
Хатан тимир хадарыллар
Олох сиэрин-ыарын уйан
Киһи төрдө уһарыллар
Түһүү-тахсыы түгэннэрэ
Бу дойдуга өрүү бааллар
Онтон олус уолуйбакка
Олоҕу салгыыр кыаххын хааллар

Ыарахан да ыҕарыйдын
Кыһалҕа да кыһарыйдын
Киһи курдук туттуохтааххын
Кэм-кэрдии да сыҕарыйдын
Сыл-хонук да сынтарыйдын
Олох күөлүн туоруохтааххын
Эппит тылгар туруохтааххын

Сөҕүрүйбүт кыһыл чоҕу
Үрэ түһээт биэрдэххинэ
Кынтан төлөөн биэрээччи
Кутаа буолан умайааччы
Ити курдук бу олоххо
Бааллар эбит дьэ сорохтор
Сөҕүрүйбэт сүрэхтээхтэр
Сатарыйбат санаалахтар

Аскалон Павлов еще тексты


Другие названия этого текста
  • Аскалон Павлов - Санаа күүhэ (0)
  • Аскалон Павлов - Санаа күүhэ (0)
Видео
Нет видео
-
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 3