Айанныыр ахтылҕан атыгар олорсон
төрөөбүт дойдубар айаннаан эрэбин
сайыҥҥы сыралҕан күннэри туруорсан
мин аппын кыратык кымньыылаан биэрэбин
Мин атым сыыдамнык айанныыр
атаҕын сымсатык ылаттыыр
дэгэтэр-сэгэтэр, сиэллэрэр
ахтылҕан кинини тиэтэтэр(2)
Мунчаарбыт санаабын өйбүттэн сайҕыыбын
дэгэрэн тэтимнээх айаммын салҕыыбын
эрэлим-иннибэр, эрэйим-кэннибэр
мин дьылҕам тэһинэ, тус бэйэм илиибэр
Мин атым сыыдамнык айанныыр
атаҕын сымсатык ылаттыыр
дэгэтэр-сэгэтэр, сиэллэрэр
ахтылҕан кинини тиэтэтэр(2)
Хайаан да баҕабын толорон тэйиэҕим
бар дьоммор кэрэни кэһиилээх тиийиэҕим
сырдыкка талаһыҥ, үтүөҕэ дьулуһуҥ
бу орто дойдуга дьоллоохтук олорун
Мин атым сыыдамнык айанныыр
атаҕын сымсатык ылаттыыр
дэгэтэр-сэгэтэр, сиэллэрэр
ахтылҕан кинини тиэтэтэр(2)
Байбал еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 5