ХААР ТҮҺЭР
Павел Семенов тыллара
Хаар түhэр, хаhыс да күнүн хаар түhэр,
Халлааным миэнэ эмиэ бүрүллэр.
Санаабар, саппаҕырбыт мин санаабар
Санньыардык, санньыардык көстөн ааhаҕын.
Хос ырыата:
Ахтыбыппын, ахтыбыппын мин аахпаппын,
Суохтаабыппын, суохтаабыппын сураспаппын,
Кэлэйбиппин, кэлэйбиппин кэпсээбэппин,
Кэтэспиппин, кэтэспиппин кэмсиммэппин.
Түлүк түүл, түлүк түүлбэр эн киирэҕин,
Күлэҕин, мин үөрүүбүн үллэстэҕин.
Уhуктуохпун, уhуктуохпун баҕарбаппын,
Сүтэҕин, тумаҥҥа киирэн сүтэҕин.
Хос ырыата:
Күүппэппин, өчөс майгыбар күүппэппин,
Эрэммэппин, төннүөҕэ диэн, эрэммэппин.
Итэҕэйбэппин, баҕар истиэҥ, итэҕэйбэппин,
Саарбахтыыбын, эйиэхэҕэ саарбахтыыбын.
Сүтэрдэҕиэм, түлүк түүлтэн сүтэрдэҕиэм,
Тэҥниэҕим, илэ олохпор тэҥниэҕим.
Бардаҕыаҥ, бэйэҥ суолгунан бардаҕыаҥ,
Төннүбэттии, эн букатын төннүбэттии...
Хос ырыата:
Эккирэтэн, эккирэтэн мин сиппэппин,
Ыҥырабын, ыҥырбыппар эргийбэккин.
Ыллыыбын, ыллаабыппар ылласпаккын,
Хаhыытыбын, хаhыытыырбар хайыспаккын.
Байбал Сэмэнэп еще тексты
Другие названия этого текста
- Байбал Сэмэнэп - Хаар тyhэр (2)
- Байбал - Хаар тyһэр (0)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1